Госдуумаҕа миграннарга сымыйанан ийэ, аҕа уонна ыал буолууну утары сокуон ылылынна

Share

Госдуумаҕа дьокутааттар миграннарга сымыйанан ийэ, аҕа уонна ыал буолууну утары охсуһууга туһуламмыт сокуон барылын бүтэһиктээх ааҕыыга ылыннылар. Сокуоҥҥа киирэр тустаах уларыйыылары Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин иһитиннэрдэ.

«Бу кэмтэн ыла биһиги дойдубутугар кубуотаны таһынан олохсуйарга көҥүлү ылыы ыал буолуохтарыттан эбэтэр оҕону ииттэ ылыахтарыттан үс сылтан кыра буолуо суоҕа ирдэнэр», — диэн Вячеслав Володин биллэрдэ.

Ону таһынан, быстах кэмҥэ олорорго көҥүл ылаары сымыйанан ыал буолан холбоспуттара суутунан билиннэҕинэ, омук гражданиныгар бэриллибит көҥүл тохтотуллар. «Маннык дьаһал миграннарга суут быһаарыытынан төрөппүт буолуу бырааптара быһыллыбыт, оҕо иитэ ылыылара тохтотуллубут эбэтэр хааччахтаммыт буоллаҕына туһаныллар», — диэн эбэн быһаарда Госдуума бэрэссэдээтэлэ.

«Миграционнай бэлиитикэни тупсарыы үлэтэ салҕанар. Өссө алта сокуон барылын дьүүллэһиэхпит», — диэн Вячеслав Володин эттэ. Бу туһунан Госдуума пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago