Госпитальга сытар буойуттар Саха сириттэн кэһии туттулар

Share

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар буойун Руслан Т. инники кирбииттэн бааһырыы ылан госпитальга эмтэнэр. Манна сытааччы буойуттар Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүнэн Саха сириттэн кэлбит кэһии тутан үөрбүттэрин, сэргэхсийбиттэрин туһунан кэпсиир.

Сахабыт сирин кэһиитин тутаммыт үөрдүбүт аҕай, ыыппыт дьоммутугар барыгытыгар махтал!
— Оттон бу бүгүн Чурапчыттан ЧИФКиС преподавателэ уонна студеннара Саха сириттэн кэһии, бырааһынньыгынан бэлэх аҕалтарын туттардылар: мас көтөрүн миинэ, тоҥ чыыр балык, Амма дьэдьэнэ, морс сироба, отон, халбаһы, ыыһаммыт эт, кэтилиэт, бэрэски, алаадьы, собо ыһаарыламмыт, оҕурсу, помидор, луук, сок, сакалаат, «Саха сирэ» диэн өрөспүүбүлүкэ тигэр футболката. «Биир ньыгыл Россия» партияттан эмиэ кэһиилээх кэлэн бардылар.
— Волонтердар олох бэркэ үлэлии сылдьаллар. Кинилэр үлэлэрин, дьиэлэрин быыһыгар ас астаан аҕала тураллар.
— Ханна да сахалары наһаа сөҕөллөр, олох маладьыастар, дьонноргут, Сахаҕыт сирэ көмөтүн ыыта тураллар, күүскэ өйүүллэр дииллэр. Миэхэ бииргэ сылдьыбыт Амуртан сылдьар уол кэпсээбитэ. Бааһырыы ылан Ростовка эмтэнэ сыттаҕына, автобус кэлбит, аан аһылаатын кытта «Кто из Якутии?» диэн хаһыы буолла диир. Эдэр баҕайы кыргыттар саха буойуттарыгар дойдуларыттан ас-үөл аҕалбыттар. Дьэ онно ким Саха сириттэн сылдьаллары барыларын олох ытыс үрдүгэр түһэрэн ылтара диир. Оттон биһиги, атын регионнартан сылдьааччылар, ымсыырбыппыт аҕай диэн звоннаан кэпсээбитэ.
— Оннук да этэ: Луганскайга, Ростовка, Москваҕа олох бэркэ көрсүбүттэрэ. Бастакынан убайым бииргэ үөрэммит кыыһа ас астаан эҥин аҕалта. Волонтердар туох наада диэн билсэ-көрсө тураллар. Саамай эдьиийбит диэн ытыктыыр Мария Семёновнабытыгар барҕа махтал тиэрдэбит!

Хаартыска: Руслан Т. тиксэриитэ
What’s your Reaction?
+1
7
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

8 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago