Гостиница ыалдьыттарын халыыр киһини туттулар
Дьокуускайга полиция отделыгар олохтоох дьахтар 30 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уонна баан счетуттан 40 тыһ.солк. уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ маныаха 35 саастаах киһи уорбаланарын быһаардылар.
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, уорбаланааччы гостиницаҕа дьахтары уонна кини доҕорун кытта билсибит. Хампаанньанан дьахтар хоһугар олорон аһыы утаҕы испиттэр. Онтон түгэни туһанан, эр киһи дьахтар төлөпүөнүн уорбут уонна хостон тахсан барбыт. Кэлин дьахтар онлайн-бааныттан 36 тыһ.солк.-ы устубут, ону-маны атыыласпыт, таксыынан айаннаабыт. Салгыы ол төлөпүөнү атыылаабыт уонна харчытын бэйэтин наадаларыгар туттубут.
Силиэстийэ ыытыллар кэмигэр бу эр киһи Дьокуускай гостиницаларыгар маныаха майгынныыр өссө үс уорууга уорбаланарын быһаарбыттар. Билигин полиция үлэһиттэрэ ону бэрэбиэркэлииллэр.
«Уоруу» диэн ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: