Нам улууһунааҕы Граф Биэрэгин үөрэтэр-производственнай тиэхиньукум кэмбинээтин иһинэн үлэлиир дьоҕус бэкээринэ нэһилиэнньэ биһирэбилин ылбыт “Граф килиэбэ” диэн ааттаах килиэбин сэтинньи бастакы күннэриттэн атыыга таһааран саҕалыаҕа.
Орто анал үөрэх кыһатын эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаатын салайааччыта Марфа Сыроватская иһитиннэрбитинэн, “Граф килиэбэ” улууска бренд-бородууксуйанан биллэр. Үөрэх тэрилтэлэрэ уонна сорох маҕаһыыннар бу эрэ килиэбинэн хааччынан олороллор. “Граф килиэбэ” аны Аппааны нэһилиэгин маҕаһыыннарыгар, Ленскэй нэһилиэк «Север”, “Туяра”, “Нива”, “Березка» маҕаһыыннарыгар эмиэ атыыга тахсыаҕа.
Оттон «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, урбаанньыт Петр Прокопьев килиэби Хатырык нэһилиэгэр буһаран атыыга таһаарарын таһынан, улуус киинигэр 3000 устуука кэриҥэ килиэби уонна кондитерскай бородууксуйаны батарар былааннаах. Онон аны ахсынньы саҥатыгар Ленскэй нэһилиэккэ “Хатырык килиэбэ» уонна минньигэс кондитерскай оҥоһуктар атыыга тахсыахтара.
Ити курдук, Нам улууһун олохтоохторо бэйэ минньигэс килиэбинэн аһыыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: