Граннаах бырайыак соругун ситтэ
Уһук Илин уокурук сэттэ эрэгийиэнин түмпүт «Саха сирэ сомоҕолуур. Нация ыччата – инники кэскил» пуорум РФ Бэрэсидьиэнин гранын кыайыылаах бырайыагын икки күннээх дьыалабыай көрсүһүүлэрэ олус тэрээһиннээхтик ыытыллан ааста.
РФ Бэрэсидьиэнин гранын кыайыылааҕа
Бу суолталаах тэрээһини төрүттээбит киһинэн ССРС култууратын туйгуна, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сиринээҕи Норуоттар ассамблеяларын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл, «Симэх» норуот прикладной ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһугун Национальный киинин салайааччыта, араас омук култуурунай түмсүүлэрин кытта өрөспүүбүлүкэтээҕи үлэни аан бастакынан сүрүннээбит Яна Игнатьева буолар. Яна Викторовна бэлиэтээбитинэн, 2014 сыллаахха «Диалог народов – диалог культур» диэн Саха сирин норуоттарын түмпүт 5-с төгүлүн ыытыллар тэрээһин быйылгыттан ыла аны Уһук Илин эрэгийиэннэрин түмэр этническэй пуорум таһымыгар тиийдэ. “Саха сирин норуоттарын ассамблеята” уопсастыбаннай хамсааһын 2022 сылга култуурунай саҕалааһыннары өйүүр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин пуондатын бастакы куонкуруһугар Норуоттар сомоҕолоһууларын пуорумун тэрийэр туһунан “Саха сирэ сомоҕолуур. Нация ыччата – инники кэскил” бырайыага кыайыылааҕынан тахсыбыта. Бу бырайыак Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр олоххо киирдэ. Пуорумҥа Арассыыйа норуоттарын ыччаттарын ассамблеяларын отделениеларын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ Москваттан, Хабаровскайтан, Петропавловскайтан, Владивостоктан, Магадаантан, Омскайтан, Дьокуускайтан кыттыыны ыллылар.
Пуорум аһыллыытыгар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, “төрөөбүт тылын билэр ыччат норуотун култууратын сайыннарыыга, атын омук үгэһигэр уонна култууратыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах” диэн бэлиэтээтэ.
Омуктары биир тыыннаан
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Бары бииргэ» патриотическай сборга кыттыан иннинэ Ил Дархан Айсен Николаев национальнай-култуурунай түмсүүлэри кытта көрүстэ, Национальнай галереяҕа тэриллибит улахан быыстапкаҕа сырытта.
Норуот сомоҕолоһуутун күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт «Саха сирэ сомоҕолуур. Нация ыччата – инники кэскил» пуорумҥа Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев кытынна.
– Дьокуускайга бүгүҥҥү күҥҥэ 120 араас омук түөлбэлээн олорор. Кинилэр бары бэйэлэрин култуураларын атын омуктары кытта тэҥҥэ сайыннаран, киин куорат социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһуннаах кылааттарын киллэрэллэр, – диэн бэлиэтээтэ.
СӨ тас сыһыаннаһыыларга уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирин солбуйааччы Сергей Хатылыков: «Бүгүҥҥү күҥҥэ ыччаттар духуобунай сомоҕолоһууларын олохтооһун – сүрүн сорук. Билигин иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэринэн араас ис хоһоонноох үлэ барар турар. Ыччаппыт Ийэ дойдутун көмүскүүргэ бэлэмнээх буолара наада. Онуоха бу маннык дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр улахан оруоллаахтар», – диэн санаатын тиэртэ.
РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир омуктар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэ боппуруостарын информационнай хааччыйыыга хамыыһыйа эппиэттээх сэкирэтээрэ, Арассыыйа норуоттарын ассамблеятын сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Андрей Худолеев: «Бырааһынньыктары араастык бэлиэтииллэр – ким мааны остуол тэрийэр, ким айылҕаҕа тахсар, ким табаарыстарын кытта мустар. Саха сирин олохтоохторо Сомоҕолоһуу күнүн араас эрэгийиэннэри түмэн, бу маннык дьыалабыай пуорумунан бэлиэтииллэрэ – кэрэхсэбиллээх. Өрөспүүбүлүкэ норуоттары түмэр дириҥ силистээх үгэстэрдээх. Олортон аҕыйаҕы холобурдаатахха, туостан туһалаах араас сахалыы тыыннаах оҥоһуктары оҥорон таһаараллара буолар. Оттон туоһу кытта нуучча хатыҥын сибээстээтэххэ, норуоттары сомоҕолуур олус интэриэһинэй сибээс тахсан кэлэр. Эбэтэр сахалар сылгыга сүгүрүйэр Дьөһөгөй Айыылаахтар. Сахалар сылгы сиэлин туһаҕа таһааран, араас харысхаллаах оҥоһуктары оҥороллор. Саха сиригэр сылгы иитиитин кытта сибээстээх үгүс Азия норуоттара олороллор. Бу маннык биир-биирдии ыллахха, норуоттары сомоҕолуур, түмэр араас үгэс үгүс. Онон норуоттары түмэр хайысхалаах араас холбоһуктаах тэрээһиннэри ыытан, омуктары биир тыынныахха сөп”, – диэн санаатын тиэртэ Андрей Худолеев.
“Төгүрүк остуол” – уопут атастаһыыта
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытыллыбыт «Омуктар бииргэ үлэлээһиннэриттэн – норуот сомоҕолоһуутугар» төгүрүк остуол пуорум биир саамай сүрүн, түмүктүүр тэрээһининэн буолла. Манна кэккэ министиэристибэ уонна биэдимистибэ салайааччылара кыттыыны ыллылар. Кэпсэтии норуоттар үгэстэрин уонна култуураларын сайыннарыы тула барда. СӨ Тас сыһыаннаһыыларга уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ Гаврил Кириллин министиэристибэ тэриллибитэ 30 сыла туолбутун иһитиннэрдэ. Кини Саха сиригэр 129 араас норуот эйэлээх дьиэ кэргэн быһыытынан олороллорун бэлиэтээн туран, араас норуоттар уопсастыбаннай түмсүүлэрин билиһиннэрдэ:
– Быйыл Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн элбэх омук түөлбэлээн олорор өрөспүүбүлүкэтэ өрө көтөҕүллэн бэлиэтиибит. Сахабыт сирэ үйэ устата ситиспит ситиһиитэ – өрөспүүлүкэ сайдыытын туһугар үлэлиир араас норуоттар сөҕүмэр кылааттара, өҥөлөрө. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр национальнай-култуурунай хайысхалаах үлэни ыытар 400 кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ (ол иһигэр 70 национальнай-култуурунай түмсүү), 163 итэҕэл тэрилтэтэ, 223 көһө сылдьар аҕа ууһун общината, 11 казактар түмсүүлэрэ үлэлиир. Кинилэри СӨ Норуоттарын ассамблеята бииргэ түмэр. Бу уопсастыбаннай тэрилтэ 14 улууска салаалаах. Манна национальнай-култуурунай түмсүүлэр, ассоциациялар, общиналар киирэллэр.
Киһи быраабын араҥаччылыыр боломуочунай Сардаана Гурьева Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ норуоттары сомоҕолуур үлэтин бэлиэтээн туран, тэрилтэ үгүс тэрээһиннэригэр толору бэлэмнээх исписэлиистэр араас үлэни ыытан өйүүллэригэр махтанна.
Магадантан сылдьар “Бэлэн” аҕыйах ахсааннаах норуоттар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Анна Рябова уобаласка 139 тыһыынча киһи олороруттан 4 эрэ бырыһыана кыра норуоттар буолалларын бэлиэтээн туран, “аҕыйах ахсааннаах норуоттартан саамай элбэхтэрэ – 2 тыһыынча киһи – эбээн норуота. Саамай аҕыйах ахсааннаах норуоттар – ительменнэр. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэйэлэрин култуураларын, үгэстэрин сүтэрбэккэ сайыннаралларын туһугар араас тэрээһиннэри ыытабыт”, – диэн кэккэ ааптарскай бырайыактары олоххо киллэрэрин билиһиннэрдэ.
«Мы – Россияне» Арассыыйа норуоттарын ыччат ассамблеятын уопсастыбаннай хамсааһынын салайааччыта Дина Громатикополо, билиҥҥи тыҥааһыннаах кэмҥэ ордук социальнай ситимнэринэн ыччаты кытта үлэ барыахтааҕын ыйда. Онон медиа-үлэһиттэри уонна блогердары кытта үлэлэһэр сорук турар диэн бэлиэтээтэ уонна Москватааҕы II норуоттар икки ардыларынааҕы «Этноток» пуорум үлэтин сырдатта. Дина Саха сиригэр чаастатык кэлэрин, кыһын Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө тиийэн өйүмүгэ сөтүөлээбитин кэпсээтэ. “Норуоттар ыалдьытымсах буолуулара болҕомтоҕо ылыллыах тустаах. Дэлэҕэ даҕаны, “кавказское гостеприимство” диэн өйдөбүл үөскүө дуо? Аны Саха сиригэр хаста да кэлэ сыльыбыт киһи “якутское гостеприимство” диэн ураты өйдөбүл баарын бэйэбинэн билбитим ыраатта. Онон Уһук Илин норуоттарын ыалдьытымсах үөрүйэхтэрин сырдатар пуоруму Дьокуускай куоракка ыытарга этии киллэрэбин. Биһиги, норуоттар федеральнай ассамблеялара, ити тэрээһини өйүүргэ бэлэммит”, – диэн санаатын тиэртэ Дина Громатикополо.
Ити курдук, араас омугу түмпүт Уһук Илин эрэгийиэннэрин норуоттарын пуорума дириҥ ис хоһоонноохтук ыытыллан, ыччаттар үгүс сонун сүүрээни олоххо киллэрэр санаалаах тарҕастылар.
«Мы – Россияне» Арассыыйа норуоттарын ыччат ассамблеятын уопсастыбаннай хамсааһынын Омскай куораттааҕы салаатын салайааччыта Ермек Хапизов Омскайга олорор 55 араас омук дьонун туһунан хаартысканан кэпсээн, альбом таһаарбыттарын, волонтердар ситиһиилээх үлэлэрин сырдатта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: