Итиннэ РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ маннык быһаарда. Ол курдук, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ “Агростартап”, “Агропрогресс” эбэтэр “Агротуризм” граннарын ылбыт уона мобилизациянан байыанай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт урбаанньыттарга кэккэ миэрэлэри торумнаата. Туһааннаах докумуон оптуорунньукка нормативнай быраап аакталарын порталыгар тахсыбыта.
Докумуоҥҥа олоҕуран, урбаанньыт гранынан атыыласпыт тэрилинэн туһанар быраабы атын киһиэхэ биэриэн сөп. Пиэрмэр хаһаайыстыбатын саҥа баһылыгын кытта эбии сөбүлэһии түһэрсиллиэхтээх.
Өскөтүн граны ылбыт киһи ол үбүн толору кыаҕынан туһамматах буоллаҕына уонна урбаанньыт эбэтэр юридическай сирэй быһыытынан үлэтин тохтоторго быһаарыннаҕына, грант бүддьүөккэ төннүөхтээх. Маныаха урбаанньыт былааннаммыт көрдөрүүтүн ситиспэтэҕин иһин эппиэтинэстэн босхолонуохтаах.
Өскөтүн урбаанньыт үбү-харчыны толору туһаммыт уонна ИП эбэтэр юридическай сирэй быһыытынан үлэтин тохтоторго быһаарыннаҕына, хаһаайыстыбаны тэрийии эбэтэр сайыннарыы бырайыага олоххо киирбитинэн ааҕыллыаҕа.
Икки кэнники түгэҥҥэ граны ылааччы былааннамыт кирбиитин ылбатаҕын да иһин, эппиэтинэстэн босхолонор. Ону тэҥэ грант харчытынан ылыллбыт баай-дуол, тэрил “Арассыыйа Федерациятын субъегар үлэтин ыытар тыа хаһаайыстыбатын табаары оҥорооччутугар эппиэтинэстээх харайыыга боломуочуйалаах уорганынан бэриллиэн сөп, диэн докумуоҥҥа этиллэр.
СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин саайтыттан
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…
Ил Дархан Айсен Николаев “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…