Грант куонкуруһун кыайыылаахтара Айсен Николаевка бэйэлэрин бырайыактарын кэпсээтилэр

Share

Сыллата Ил Дархан граныгар киирэр сайаапка ахсаана уонна хаачыстыбата элбээн, үрдээн иһэр. Элбэх хайысхаҕа куонкурус олус үрдүк, бастыҥнар ахсааннарыгар киирэр туһугар кытаанах сүүмэрдээһини ааспыттара бэлиэтэнэр. Грант куонкуруһун кыайыылаахтара СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка бэйэлэрин бырайыактарын билиһиннэрдилэр.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр кэммиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ көхтөөх үлэһитэ, байыаннай эпэрээссийэ кыттааччытын ийэтэ Нюргуяна Хоютанова Арктика улуустарыттан байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьааччылар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорууга “Саллааттар ийэлэрин сүрэҕэ” бырайыагы билиһиннэрдэ. Бырайыак чэрчитинэн байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын кэргэттэрин төрүүр дьиэттэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга таһаарыахтара, байыастар маҥнайгы кылааска киирэр оҕолорун эҕэрдэлиэхтэрэ. “Хомойуох иһин, байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыттар оҕолоро төрүүллэригэр кэргэттэрин аттыларыгар баар буолар, төрүүт дьиэттэн таһаарар кыахтара суох. Маннык түгэҥҥэ биһиги бырайыакпыт нөҥүө төрөөбүт дьахтары өйүүр, настарыанньатын көтөҕөр, үбүнэн-харчынан көмөлөһөр кыахтаахпыт. Ону тэҥэ, байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьон маҥнайгы кылааска киирэр оҕолоругар бырайыагынан бэлэх туттарыы буолар. Ол түмүгэр байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр умнуллубат өйдөбүл, иэйии хаалыаҕа, уопсастыбаттан өйөбүллээхтэрин, болҕомто уурулларын билиэхтэрэ”, — диэн Нюргуяна Хоютанова бырайыагын кэпсииригэр эттэ.

Намнааҕы педагогическай кэллиэс “Спектр” ыччат хамсааһынын ассоциациятын тэрийээччитэ Эльвира Тюкянова инбэлиит уонна сайдыыларыгар уратылаах оҕолорго аналлаах “Анимобиль” мобильнай анимационнай устуудьуйа” туһунан бырайыагы кэпсээтэ. Дьарыктары “Анимобиль” анал тэрилинэн тыа оскуолаларын баазаларыгар миэстэтигэр тиийэн ыытыахпыт. Бырайыак көмөтүнэн оҕолор сыыппаранан айар кыахха сыстыахтара, дьиэҕэ олоруулара аҕыйыаҕа, бэйэлэригэр эрэллэрэ күүһүрүөҕэ диэн ааптардар эрэллээхтэр.

ВКС нөҥүө Анаабыр улууһуттан “Үрүҥ күн” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Валентина Черемкина сибээскэ тахса сырытта итиэннэ “Көмпүүтэр кырааматынаһа – сайдыы суола” диэн бырайыак туһунан иһитиннэрдэ. Бу бырайыак  Анаабыр улууһун олохтоохторун көмпүүтэринэн тутта, тиэкис уонна табылыысса докумуоннарын бэйэлэрэ оҥоро, куйаар ситимиттэн ирдэнэр информацияны була үөрэтэр сыаллаах.

“Содействие” социальнай уонна култуурунай көҕүлээһиннэри өйүүр кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ дириэктэрэ Капиталина Алексеева 2018 сыллаахха саҕаламмыт “Антирак” ыарыһахтар хамсааһыннарын систиэмэлээх үлэлэрин салҕааһынынан буолар “Путь к исцелению” бырайыагынан иһитиннэрии оҥордо. Искэҥнээх ыарыһахтарга, кинилэр чугас дьонноругар уйулҕа өттүнэн сүбэни-аманы салгыыр, ыарыһахтар санаалара уоскуйарын, бөҕөргүүрүн туһугар уруһуйга, туойунан оҥоһукка маастар-кылаастары ыытары салгыыр былааннаахтар. Бырайыак түмүгүнэн “Үтүө барыта иннибитигэр” диэн кинигэни таһаарыахтара.

Ил Дархан дьоҥҥо туһалаах, көмөлөөх буоларга дьулуһалларын, уопсай соругу ситиһэр, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрэ, дойдулара сайдарын туһугар,  күүстэрин, бириэмэлэрин кэрэйбэттэрин иһин грант куонкуруһун кыттыылаахтарыгар махталын биллэрдэ. “Эһиги көхтөөх кыттыыгыт, суолталаах, уопсастыбаннай боппуруостары быһаарарга туһаайыллар. Ис сүрэххититтэн уонна үлэҕитинэн тулалыыр эйгэни тупсараҕыт, дьону бэйэлэрин бырайыактарын тула сомоҕолуугут, көмө эрэйэр дьоҥҥо илиигитин уунаҕыт, чахчы үтүө дьыаланы өйүүгүт, тэрийэҕит”, — диэн кини эттэ.

Айсен Николаев быйыл куонкуруска кыттыы көхтөөх эрэ буолбатаҕын, бырайыактар хаачыстыбалара лаппа тупсубутун бэлиэтээтэ.  “71 бырайыак кыайда, ааптардар 117 мөл. солк. суумалаах грант өйөбүлүн ылыахтара. Быйыл аан бастакытын бары улуустар уонна куораттар, ол иһигэр Арктика улуустара кытыннылар. Биир граҥҥа түөрт  бырайыак кииристэ. Бу аата дьиҥнээх күрэстэһии буолбутун туоһулуур. Хас биирдии сайаапка эспиэртэр дьоһуннаах бэрэбиэркэлэрин ааста. Онон бастыҥтан бастыҥнар кыайбыттарыгар эрэллээхпит”, — диэн кини эттэ.

Ил Дархан быйылгы куонкуруска ордук киэҥник тарҕаммыт хайысханан патриотическай иитии, ол иһигэр байыаннай эпэрэссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн буоларын бэлиэтээтэ.

Күн бүгүн Саха сиригэр 2 тыһыынчаттан тахса социальнай суолталаах кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ баарын иһитиннэрдэ. Араас граннары уонна субсидиялары бииргэ, СӨ Ил Дарханын граныгар түмэр 2020 сыллааҕы быһаарыы саамай сөптөөҕүн  бэлиэтиир: бу сылларга грант көмөтүнэн 255 мөл. солк. уопсай суумалаах номнуо 220 уопсастыбаннай суолталаах бырайыак олоххо киирбит.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

8 часов ago