Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан
Госдуума миграннар албын суолунан ыал буолалларын утарар сокуону ылла. Бу туһунан «Российская газета» суруйар.
Тас дойдуттан киирээччилэргэ Арассыыйа пааспарын ылар туһугар албын суолунан эр-ойох буолуу туһата суох буолла. Билигин гражданствоны ылар туһугар үс сыл бииргэ эр-ойох буолан олоруохтарын наада. Госдуума оннук сокуону ылынна, докумуон иккис-үһүс ааҕыыны ааста.
Өскөтө ыал буолан, быстах олорорго көҥүллэтии ылбыта суутунан кырдьыга суоҕа билиннэҕинэ эбэтэр көтүрүлүннэҕинэ, бу иннинэ омук киһитигэр бэриллибит көҥүллээһин сокуоннайа суоҕунан ааҕыллар.
Өскөтө суут быһаарыытынан миграны төрөппүт быраабыттан быстахтарына, хааччахтаатахтарына эбэтэр оҕо ииттэ ылбытын көтүрдэхтэринэ, эмиэ маннык миэрэ ылыллар.
“Сокуон ылыллыбытын кэнниттэн, сымыйанан эр-ойох буолан олорооччулар аччыахтара, ол оннугар дьиҥнээх ыаллар олохторо өссө бөҕө-таҕа буолуо”, — диэтэ ГД бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин. Кини санаппытынан, ИДьМ дааннайынан 2021 сылтан билиҥҥэ диэри миграционнай статус ылар сыаллаах 4300 эр-ойох буолуу бэлиэтэммит. Бу кэнниттэн миграннар 2-4 ый буолан баран, быстах олорорго көҥүллээһини ылаллар. Оттон салгыы биһиги дойдубутугар олорор быраабы, пааспары ылаллар.
Онно холоотоххо бу ылыллыбыт саҥа сокуон барытын төрдүттэн уларытар.
“Сымыйанан эр-ойох буолан, омуктарга өҥө оҥорор дьоҥҥо холуобунай эппиэтинэһи киллэрэбит, барытын уустугурдабыт, — диэтэ дьокутаат Абдулхаким Гаджиев.
Саҥа дьылга эҕэрдэлэһэн буостанан аккырыыкка ыытыһар үтүө үгэс баара. Ол аныгы үйэҕэ уларыйан турар. Ол…
Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр оҕолуун-уруулуун бары туох эмит дьиктини, уратыны, аптааҕы күүтэбит. Чаһы кураана охсорун…
Бэйэлэрин норуоттарыгар үгүс дьоһуннаах айымньылары хаалларбыт суруйааччылар ааҕааччы өйүттэн-санаатыттан сүппэттэр, кинилэр үлэлэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдиллэн,…
СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ мэдиссиинэ тэрилтэлэрин бырааһынньыктааҕы уонна өрөбүл күннэргэ -- ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу…
300 киһи олорор Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгэр саҥа технологиянан оҥоһуллубут «Экстра Синема» киинэ саалата үлэҕэ…
Саҥа дьыл түүнүгэр Дьокуускайга быстах кэмҥэ 100н нүөмэрдээх босхо оптуобус маршрута үлэлиэҕэ диэн санатан суруйабыт.…