Григорий Лукин Бүтүн Арассыыйатааҕы муниципальнай бириэмийэ лауреатынан буолла
Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы нэһилиэгин баһылыга Григорий Лукин «Судьба человека – гордость Отечества» анал номинация «Служение» Бүтүн Арассыыйатааҕы муниципальнай бириэмийэ лауреатын аатын ылла.
Григорий Лукин 2018 с. муустаах ууга харбаан киирэн биир дойдулааҕын быыһаабыта. 58 саастаах Тиит-Арыы нэһилиэгин олохтооҕо Татьяна Романова сүөһүлэрин үрэҕи туоруур муостанан үүрэн иһэн икки миэтэрэ үрдүктэн муустаах ууга түспүт. Хата, дьолго, Григорий Лукин чугастыы ааһан иһэн, көрөн, киһини быыһыы муустаах ууга ыстаммыт.
«Бу бириэмийэ – бөһүөлэктэр уонна куораттар олохтоохторун, боростуой эрээри, күүһү-уоҕу, кыаҕы эрэйэр, олус улахан соруктарын быһаара, нэһиликэтэри сайыннара сылдьар дьоҥҥо ытыктабылбыт бэлиэтэ буолар. Чопчу маннык үчүгэй уларыйыылартан – дьон олоҕор, кинилэр үтүө туруктарыгар – улахан ситиһиилэргэ суол саҕаланар, оттон төрөөбүт дойдуга тапталтан биһиги тус бырааптаныыга сыаннастарбытын, Арассыыйа көҥүл сайдыытын, биһиги инникибитин бэйэбит быһаарар бырааптаахпытын, суверенитет сыаннастарын уопсай өйдөбүлэ үөскүүр», — диэн эттэ наҕараада кэмигэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин.
«Служение» Бүтүн Арассыыйатааҕы муниципальнай бириэмийэ Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар уонна муниципальнай уопсастыба биллэр-көстөр бэрэстэбиитэллэригэр бэриллэр.
Бу бириэмийэ 10 номинациялаах: «Мой край – моя гордость», «Малая Родина – сила России», «Защита Отечества – общее дело», «Практики муниципалитета – решения для страны», «Объединяя усилия – умножаем возможности», «Инициатива каждого – общий успех», «Прямой разговор – доверие к власти», «Опыт наставника – успех молодых», «Новые технологии – новые возможности» уонна «Судьба человека – гордость Отечества» анал номинациялаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: