Григорий Лукин Бүтүн Арассыыйатааҕы муниципальнай бириэмийэ лауреатынан буолла

Share

Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы нэһилиэгин баһылыга Григорий Лукин «Судьба человека – гордость Отечества» анал номинация «Служение» Бүтүн Арассыыйатааҕы муниципальнай бириэмийэ лауреатын аатын ылла.

Хаартыска "Малая родина - Сила России" пуорум саайтыттан

Григорий Лукин 2018 с. муустаах ууга харбаан киирэн биир дойдулааҕын быыһаабыта. 58 саастаах Тиит-Арыы нэһилиэгин олохтооҕо Татьяна Романова сүөһүлэрин үрэҕи туоруур муостанан үүрэн иһэн икки миэтэрэ үрдүктэн муустаах ууга түспүт. Хата, дьолго, Григорий Лукин чугастыы ааһан иһэн, көрөн, киһини быыһыы муустаах ууга ыстаммыт.

«Бу бириэмийэ – бөһүөлэктэр уонна куораттар олохтоохторун, боростуой эрээри, күүһү-уоҕу, кыаҕы эрэйэр, олус улахан соруктарын быһаара, нэһиликэтэри сайыннара сылдьар дьоҥҥо ытыктабылбыт бэлиэтэ буолар. Чопчу маннык үчүгэй уларыйыылартан – дьон олоҕор, кинилэр үтүө туруктарыгар – улахан ситиһиилэргэ суол саҕаланар, оттон төрөөбүт дойдуга тапталтан биһиги тус бырааптаныыга сыаннастарбытын, Арассыыйа  көҥүл сайдыытын, биһиги инникибитин бэйэбит быһаарар бырааптаахпытын, суверенитет сыаннастарын уопсай өйдөбүлэ үөскүүр», — диэн эттэ наҕараада кэмигэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин.

«Служение» Бүтүн Арассыыйатааҕы муниципальнай бириэмийэ Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар уонна муниципальнай уопсастыба биллэр-көстөр бэрэстэбиитэллэригэр бэриллэр.

Бу бириэмийэ 10 номинациялаах: «Мой край – моя гордость», «Малая Родина – сила России», «Защита Отечества – общее дело», «Практики муниципалитета – решения для страны», «Объединяя усилия – умножаем возможности», «Инициатива каждого – общий успех», «Прямой разговор – доверие к власти», «Опыт наставника – успех молодых», «Новые технологии – новые возможности» уонна «Судьба человека – гордость Отечества» анал номинациялаах.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

2 часа ago