Гриня П. балыыһаттан тахсан баран, кэлээскэтин сыл курдук паллиативнай отделениеҕа эмтэнэ сытар Виталий К. кэргэнигэр тус бэйэтэ туттарда диэн «Саха волонтердара» хамсааһын волонтердара иһитиннэрдилэр.
Бу иннинэ Виталийга сыһыарыллыбыт кэлээскэни уоран ыланнар, хаамар кыаҕа суох байыас дьаарбайа тахсарыгар кэлээскэ хаһан босхолорун унньуктаах уһун уочаракка кэтэһэрэ. Билигин үтүө санаалаах Гриня көмөтүнэн, Виталий бас билэр кэлээскэлэннэ.
Оттон «Саха волонтердара» хамсааһын волонтердара көмөлөспүт байыастара Геннадий А. Подмосковьеҕа Кубинкаҕа байыаннай куоракка эмтэнэ сытар Саха сириттэн сылдьар уолаттары тиийэн көрүстэ. Гена «Саха волонтердара» хамсааһын амарах санаалаах волонтердара киниэхэ оҥорбут үтүөлэрин умнубатын, үтүө үтүөнэн төлөнөрүн өйдүүрүн, суруйбут: «Мин хайдах да көмө наадатын көрөн туран, ааһар кыаҕым суох, махтаммат буоларым сатаммат».
Ньурбаттан төрүттээх Гена уолаттарга бородуукта уонна фрукта аҕалбыт. Волонтер байыастар – кинилэр бааһыран госпиталга сытар уолаттарга да, амарах санаалаах волонтердарга да дууһаларынан чугастар.
Ырыаҕа ылланарын курдук, ыраах сырыттахха дойду дьоно дууһаҕа аанньал курдук ыалдьыттар, кинилэрдиин көрсөр ийэ салгын сиккиэрэ, хойуу оттоох өҥ хочо, наҕыл хатыҥ сипсиэрэ…
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…