СӨ Билим дьоҕус академиятын үөрэтэр-лабораторнай куорпуһугар саахымат өрөспүүбүлүкэтээҕи III кэнгириэһин үлэтэ салҕанар. Ол курдук, бу нэдиэлэ саҕаланыытыттан эдэр саахыматчыттарга сиэссийэни норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах гроссмейтер Антон Шомоев ыытар.
Оҕолор саахымат тиэхиньикэтигэр чочуйуллаллар уонна садаачалары суоттууллар. Бастыҥнартан үөрэнэр кыах үөскээбититтэн олус үөрэллэр.
Кэнгириэс саамай кыра кыттааччытынан Бурятияттан кэлэ сылдьар Баир Имыхелов буолар. Баир баара-суоҕа 6 саастаах эрээри, номнуо хас даҕаны күрэхтэһиигэ кыттыбыт, бастаабыт. Баир саахыматчыт дьиэ кэргэн оҕото. Успуорт бу бэртээхэй көрүҥүнэн ийэтиттэн саҕалаан эһэтигэр тиийэ бары кэриэтэ дьарыктаналлар эбит. Уолчаан бэйэтэ этэринэн, кини саахымакка ордук бииргэ оонньооччуларын кыайарын сөбүлүүр. Оттон кини утарсааччылара – 9-10 саастаах оҕолор.
София Васильева Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназияттан кыттар, сааһа – тоҕуһа. Бэйэтэ бэлиэтииринэн, кинини успуорт бу көрүҥэр аҕата уонна тастыҥ убайа үөрэппит. София саахыматтыыр буолан элбэх доҕордоммут, олору кытта күн бүгүҥҥэ диэри алтыһар эбит. Саахымат сиэссийэтигэр дебюту үөрэтиигэ болҕомтону уурар. “Мин хамаанданан “швейцарканы” уонна түргэн (блиц) оонньууну сөбүлүүбүн. Инникитин аан дойду чөмпүйүөнэ буолуохпун баҕарабын”, — диэн санаатын үллэстэр.
Егор Макаров кэнгириэскэ Сахалин уобалаһын саахымакка холбоһугун аатыттан кытта кэлбит. Егор дьиэ кэргэниттэн соҕотоҕун саахыматтыыр, ол эрээри, кинини аҕата үөрэппит, маҥнай дуобаттыырга, онтон саахыматтыырга. Кэлин саахымат киинигэр дьарыкка аҕалбыттар. Манна кэлэн араас сатабылга үөрэммит. Кэлиҥҥи үс сылга дойду араас таһымнаах күрэхтэһиилэригэр Сахалин аатын көмүскээбит.
“Дьокуускайга доҕорбун Артем Хуснулгатины кытта аан бастакыбын кэллим. Саахымат өрөспүүбүлүкэтээҕи кэнгириэһигэр кэлбиппиттэн олус үөрэбин. Антон Шомоев курдук таһымнаах саахыматчыкка оонньуу саҥа тиэхиньикэтигэр уһуйуллуу улахан уопутунан буолар, интэриэһинэй, киһи элбэҕи билэр. Саҥа позициялары, былааннары билэбит уонна салгыы оонньуурга үөрэнэбит. Сорох позициялары билбэт буолан, оонньууну хайдах биир тэҥник ыытары сатаабаппыт, бу түгэннэри гроссмейтертан бэйэтиттэн илэ билэбит. Манна, төһө кыалларынан, элбэх билиини ылар соруктаахпын” – диэн этэр. Егор атын оҕолор курдук эмиэ, төһө кыалларынан, кэнгириэс бары тэрээһиннэригэр кыттар былааннаах.
СӨ саахымакка федерацията.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…