Грузия парламенын быыбарыгар салайар баартыйа кыайда
Бу өрөбүллэргэ Грузияҕа парламент быыбара буолан ааста. Грузия быыбарын киин хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, дойдуну салайан олорор “Грузинская мечта” баартыйа куоластааччылар 54 бырыһыаннарын ылбыт.
Грузия парламенын быыбара алтынньы 26 күнүгэр ыытыллыбыта. Ол түмүгүнэн, билигин дойдуну салайан олорор “Грузинская мечта” баартыйа 53,9 бырыһыан куолаһы ылбыт. Салайар баартыйа сүрүн утарсааччылара “Коалиция за перемены”, “Единство—Национальное движение”, “Сильная Грузия” уонна “Гахария—За Грузию” баартыйалар быыбардааччылар 7-11 бырыһыаннарын ылбыттар. Санатан эттэххэ, быыбарга эрдэ уон аҕыс баартыйа регистрацияны ааспыта.
Грузия 1995 сыллаахха ылыммыт Төрүт Сокуонунан, былаас барыта бэрэсидьиэн салалтатыгар киирэрэ. Кэлин сүрүн сокуоннарыгар уларытыы киллэрэннэр, Грузия парламент салалтатыгар киирбитэ. Ол эбэтэр бэрэсидьиэн боломуочуйата кыччаан, сүрүн үлэни барытын бырабыыталыстыба салайааччыта толорор буолбута. Оттон бырабыыталыстыба чилиэннэрин парламент бигэргэтэр.
Грузия 2022 сыллаахха Европа сойууһугар киирэргэ сайабылыанньа суруйбута. Ол эрээри салайар баартыйа бу сайын “иноагеннар” тустарынан сокуон ылыныаҕыттан, дойду Сойууска киириитэ тохтотуллубута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: