«ГТО оонньуулара» сүүмэрдиир түһүмэҕэ түмүктэннэ

Share

Уһук Илин бары эрэгийиэннэригэр бэс ыйын 12 күнүттэн от ыйын 30 күнүгэр диэри хамаандалары талар сүүмэрдиир түһүмэхтэр ыытыллыбыттара. Бу хамаандалар Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр ГТО куубагын финалыгар кыттыахтара.

Ол курдук, сүүмэрдиир тэрээһиннэргэ Уһук Илин үрдүнэн 7,6 тыһыынча киһи күрэхтэстэ: 18 сааһыттан үөһэ 4,4 тыһыынча кыттааччы, 14-17 саастаах 3,2 тыһыынча үөрэнээччи уонна 100-тэн тахса идэтийбит атлет, сөбүлээн дьарыктанааччы кытынна.

Барыта 7 көрүҥҥэ илин-кэлин түһүстүлэр: сүүрүү, ырааҕы ыстаныы, тардыныы, сиртэн анньыныы, гиирэни өрө анньыы уо.д.а.

Оттон финалга ааспыт спортсменнар уон баазабай көрүҥҥэ, итиэннэ лазернай бистэлиэттэн ытыыга, муораҕа харбааһыҥҥа, бастакы мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорго күрэхтэһиэхтэрэ.

Тэрээһини Арассыыйа ГТО многоборьетыгар федерацията уонна РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев дьаһалынан Успуорт министириэристибэтэ ыыталлар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago