Гуманитарнай чинчийии института уонна Эдьигээн оройуонун дьаһалтата бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабарга илии баттастылар
Эдьигээн Саха сирин биир баай устуоруйалаах, ураты олохтоох оройуона буолар.
Манна бастакы остуруогу нуучча хаһаактара 1632 с. Дьокуускайы кытары биир сыл тэҥҥэ туппуттара. Ол курдук оройуон булда-алда, ордук кииһинэн баайа ыраахтааҕы саҕаттан биллэрэ. Эдьигээн оройуонуттан төрүттээх А. Уваровскай ахтыылара саха норуотун бастакы литературнай пааматынньыгынан быһыытынан сураҕырар. Оройуон хоһуун дьонун үлэтэ-хамнаһа, фольклора, устуоруйата өссө да инники өттүгэр үөрэтиллиэ, чинчийиллиэ турдаҕа.
Сэтинньи 27 күнүгэр Эдьигээн национальнай эбэҥки оройуонун дьаһалтатын баһылыга Василий Сорокин итиэннэ Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун дириэктэрэ, историческай билим дуоктара Сардаана Боякова бииргэ үлэлиир туһунан дуогабарга илии баттаатылар.
Тэрээһин кыттыылаахтара төгүрүк остуол тула олорон, инники ыытыллыахтаах үлэлэр, бырайыактар тустарынан санааларын ирэ хоро үллэһиннилэр. Мария Кузнецова уонна Александра Максимова «Орокоор» (Табалар) диэн ырыанан тупсаран-киэргэтэн биэрдилэр. Ыалдьыттар Г. Башарин аатынан академическай билим түмэлигэр сылдьан, сонун экспонаттары кытары билистилэр. Дуогабар 5 сыллаах болдьоххо илии баттанна.
Б. Гоголев, институт уопсастыбаннаһы кытта үлэҕэ исписэлииһэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: