Эдьигээн Саха сирин биир баай устуоруйалаах, ураты олохтоох оройуона буолар.
Манна бастакы остуруогу нуучча хаһаактара 1632 с. Дьокуускайы кытары биир сыл тэҥҥэ туппуттара. Ол курдук оройуон булда-алда, ордук кииһинэн баайа ыраахтааҕы саҕаттан биллэрэ. Эдьигээн оройуонуттан төрүттээх А. Уваровскай ахтыылара саха норуотун бастакы литературнай пааматынньыгынан быһыытынан сураҕырар. Оройуон хоһуун дьонун үлэтэ-хамнаһа, фольклора, устуоруйата өссө да инники өттүгэр үөрэтиллиэ, чинчийиллиэ турдаҕа.
Сэтинньи 27 күнүгэр Эдьигээн национальнай эбэҥки оройуонун дьаһалтатын баһылыга Василий Сорокин итиэннэ Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун дириэктэрэ, историческай билим дуоктара Сардаана Боякова бииргэ үлэлиир туһунан дуогабарга илии баттаатылар.
Тэрээһин кыттыылаахтара төгүрүк остуол тула олорон, инники ыытыллыахтаах үлэлэр, бырайыактар тустарынан санааларын ирэ хоро үллэһиннилэр. Мария Кузнецова уонна Александра Максимова «Орокоор» (Табалар) диэн ырыанан тупсаран-киэргэтэн биэрдилэр. Ыалдьыттар Г. Башарин аатынан академическай билим түмэлигэр сылдьан, сонун экспонаттары кытары билистилэр. Дуогабар 5 сыллаах болдьоххо илии баттанна.
Б. Гоголев, институт уопсастыбаннаһы кытта үлэҕэ исписэлииһэ.
Ил Түмэн X пленарнай мунньаҕар “СӨ сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо көрүүтэ суох сылдьарын уонна…
Дьокуускай куорат үс олохтооҕо ийэ хапытаалын үбүн-харчытын ылыыга түөкүннээһиҥҥэ буруйданаллар. Кинилэри буруйдуур дьыалаларын, СӨ Борокуратууратын…
Саха тыла баай даҕаны. Ол эрээри, ол сүмэтин ситэ туһаммакка, күннээҕи “кэл-бар” диэн тылга көһөн…
Хаҥалас улууһугар сэтинньи 28 күнүттэн Мохсоҕоллоох-Хачыкаат хайысханан кыһыҥҥы суол аһылынна. Бу суолунан үс туоннаҕа диэри уйуктаах…
Дьокуускай куорат борокуратуурата 61 саастаах олохтооҕун холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһынын суут өйөөтө. Кини Холуобунай Кодексынан…
Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ, сэтинньи 28 уонна 29 күннэригэр, магнитнай буурҕалар түһүөхтэрэ. Бу туһунан ИКИ Күн…