Гвардия ефрейтора Конон Иванов ахтыылара

Share

“Күндү эрэдээктэр, үтүө күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Үчүгэй машинистка, кумааҕы суоҕунан, куһаҕаннык бэчээттээн ыытарбын бырастыы гын. “Хайҕаллаах 20 сыл” күнүн чиэһигэр анаммыт оройуоннай хамыыһыйа сорудаҕынан т. Иванов ахтыыларын кылгатан ыытабын. Маны сатанар буоллаҕына, быыбар кэннинээҕи нүөмэрдэргэ туһанаргыт буоллар, миигиннээҕэр мин суруйбут киһим олус диэн эһиэхэ махтаныа этэ.

Комсомольскай эҕэрдэни кытта Ленинскэй оройуон Марха орто оскуолатын учуутала Антонов Николай Васильевич. 9/III‑65 с.”

Конон Петрович Иванов 1914 сыллаахха Ньурба Таркаайы нэһилиэгэр быстар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Марха начаалынай оскуолатын үөрэнэн бүтэрээт, ииттэр кыһалҕаттан үөрэҕин тохтоторго күһэллибитэ. Куонаан уруккута Киров аатынан холкуоһу төрүттэспит, хаһаайыстыбата бөҕөргүүрүгэр хара илиитинэн үлэлэспит дьоннортон биирдэстэрэ этэ. Ол курдук холкуоһугар өр сылларга биригэдьиирдээбитэ, ыскылаат сэбиэдиссэйдээбитэ.

Биирдэ, өҥүрүк куйаас

үгэнин саҕана, дойдутугар Мөрөөйүгэ от охсон куһуйа сырыттаҕына, Сэбиэт сэкирэтээрэ тиийэн кэлэн бэбиэскэ туттарбыта. Куонаан сүрэҕэ ытырбахтыы, хаана уларыйа түспүтэ. Таала тура түһэн баран, табаарыстарыгар туһаайан бу курдук эппитэ: “Сэрии буолбут, миигин аан бастакынан ыҥырбыттар. Ийэ дойдубун адьырҕа кыылтан көмүскүүргэ бэлэммин! Эһиги өссө ситиһиилээхтик үлэлээҥ, быраһаайдарыҥ!” Бөтө бэрдэрбит табаарыстара сахалыы үгэһинэн: “Саалаахтан самнымаар, охтоохтон охтумаар! Уруй буолуохтун урааҥхай саха уолугар!” — диэн алгыы хаалбыттара.

Ити түүн, 1941 сыл от ыйыгар, Куонаан биир дойдулаахтарыныын: М. Г. Александров туун, Я. И. Алексеевтыын, Сунуу Ньукулайдыын Ньурба байаҥкамаатыгар сатыы киирбиттэрэ. Саха хорсун буойуна Конон Иванов өстөөҕү өһөрсөн, Берлин түгэҕинэн иилии эргийэн, дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри кырыктаах кыргыһыыны ортотунан ааспыт Куонаан Иванов ол сындалҕаннаах сырыытын туһунан манныгы кэпсиир:

— Мин сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри тыыннаах ордон сылдьыбыппыттан үөрэбин, онон киэн туттабын. Түөрт-биэс сыллаах ыар кэмнэри барытын кэпсиир уһуна бэрт буолуо. Онон кылгас-кылгастык сүрүн-сүрүннэрин кытта эһигини билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Сталинград иһин

1942 сыл алтынньы 20 күнүгэр аан бастаан атаакаҕа киирсибитим. Ол ынырык хартыынаны киһи хайаан умнуоҕай. Сталинград куорат ол күн мээчик хапсыытын курдук, арыт өстөөххө, арыт биһиэхэ буолара. Ханна да бар, дьон өлүгэ сылбах курдук кыстана сытара. Ону көрө-көрө, үрдүлэринэн атыллыы сылдьан хааныҥ-сииниҥ, көрөрүҥ-истэриҥ, туттарыҥ-хаптарыҥ уларыйа түһэрэ. Кыһыйан-абаран туран сидьиҥ өстөөхтөн иэстэһэр, харса суох кыдыйар эрэ санаа өрө тутара. Ийэ дойдуларын иһин хорсуннук охсуһа сылдьан дьоруойдуу охтубуттар ортолоругар биир дойдулааҕым Яков Иванович Алексеев баара. Онно ыараан, хараҕым уутун соттубуппун бэйэм да билбэккэ хаалбытым.

Куорат кытыы өттүгэр баар тыраахтар оҥорор собуот былдьаһыгар тыһыынчанан киһи сиэртибэлэммитэ. Биһиги сарсыарда 4 чаас саҕана атаакаҕа туруммуппут. Онно ханнык омук суоҕай, бары биир сыаллаахпыт: “Хайаан да собуоту босхолуохха!” Халлаантан биһиги бомбардировщиктарбыт өстөөх бөҕөргөтүнүүлэрин буомбалаан тоҕута тэптэртииллэрэ. Сиринэн модун сэбиэскэй тааҥкалар өстөөҕү өрүс диэки үтэйэллэрэ, собуокка киирэр суолу биһиэхэ солууллара. Артиллерия ытыалаан субуйар, өй-мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ буолбута. Үһүс күммүтүгэр собуоту босхолообуппут. Мин атахпар бааһыран, санчааска нэлэмэн сиринэн талахтарынан сирэйдэнэн, быарбынан сыылан тоҕус эрэйинэн тиийбитим. Сүгэ сылдьар ботуоҥкабын буулдьа суола сиидэ курдук оҥорбут, хочулуогум курдары ытыллыбыт этэ. Санчааска бэрэбээскилээн, госпитальга ыыппыттара.

Харьков оборуонатыгар

1943 сыл саҥатыгар биһигини Харьков куорат таһыгар аҕалбыттара. Харьковы босхолооһуҥҥа үс күн сэриилэспитим. Хабыр киирсиигэ атаакаҕа киирэн истэхпинэ, өстөөх буулдьата атаҕым хоҥорой уҥуоҕун тосту көппүтэ. Бэрт түргэнник Свердловскай куоракка госпитальга ыыппыттара, биэс ый эмтэммитим. Онно хоту дойду олохтоохторун снайперскай бинтиэпкэнэн таба ытарга үөрэтэллэрэ, куһаҕана суохтук ытарым. Ол иһин буоллаҕа буолуо, тахсарбар артиллерист-наводчик көмөлөһөөччүтүнэн анаабыттара.

Ленинграды босхолооһуҥҥа 1943 сыл бэс ыйыттан атырдьах ыйын 18 күнүгэр диэри Ленинград куорат көмүскэлигэр 871 №-дээх артполкаҕа артиллерист быһыытынан кыттыыны ылбытым. Биирдэ Ленинградтан чугас, өстөөх бөҕөргөтүнэн сытар хайалаах сиргэ уочараттаах кимэн киирии кэмигэр биһиги батарыайабыт төгүрүктээһиҥҥэ түбэспитэ. Өстөөх артиллерията суоһарар уоту аһан, буускабытын үлтү тэптэрэн, бэйэбитин буорунан тибэн кэбистилэр. Ол кыргыһыыга 7 киһиттэн үһүө эрэ тыыннаах хаалбыппыт. Аттыбытыгар өстөөх үлтүрүйбүт тааҥкатын башнятыгар үһүөн киирэн, биһигини сэрэйбэккэ эрэ кимэн киирэн иһэр фашистары тутан туран кыдыйан үрүө-тараа ыыталаабыппыт. Ойоҕосторбутунан ньиэмэс тааҥкалара күлтэриҥнэстилэр. Биир табаарыспыт уматыктаах бытыылканы хаба тардан ылаат, башняттан ыстанан тахсан уун-утары иһэр тааҥкаҕа кыыраппыта, тута хара буруонан уһууран, умайан таҕыста. Иккис тааҥканы быраҕаары далайан иһэн, бүлүмүөт уотугар таптаран умса хоруйаахтаабыта. Сержаммыныын иккиэйэҕин хааламмыт, бүлүмүөттэрбитин буортан-сыыстан ыраастыы-ыраастыы, харса суох ытыалыыбыт. Үөрүүбүтүгэр, сотору биһиги чаастарбыт кимэн киирбиттэрэ. Стратегическай суолталаах хайаны өстөөх илиититтэн былдьаан, күүстээх бөҕөргөтүнүү оҥостубуппут.

Варшава аттыгар

Итинтэн ыла биһиги 2‑с Белорусскай фроммут сэриилэрэ дэриэбинэлэри, куораттары босхолотолоон, өстөөҕү Варшава куорат таһыгар сыҕайбыппыт. Миэхэ ефрейтор сыбаанньатын иҥэрбиттэрэ. Дивизиябыт хамандыыра генерал-майор Рогожин илии баттааһыннаах Верховнай Кылаабынай командующай И. Сталин махталын алта төгүл ылбытым. Олортон бииригэр, 226 №-дээх Махталга бу курдук суруллубут: “871‑с артиллерийскай ЛАП наводчик көмөлөһөөччүтүгэр Иванов Конон Петровичка Нарев өрүс арҕаа кытылыгар өстөөх күүстээх бөҕөргөтүнүүтүн төлө көтүүгэ бойобуой үтүөлэрин, Эльбинг куораты ылыыга, Польша Млаба, Дзяйдово, Грудздида, Глев, Старогард, Тчев куораттарын босхолооһуҥҥа хорсу быһыыларын иһин”. Варшава өстөөх илиититтэн букатыннаахтык босхоломмута. Салгыы утуу-субуу арҕаа дойдулар куораттарын босхолоон, биһиги чааспыт Берлини хоту өттүнэн ааспыта, ыам ыйын 7 күнүгэр сойууһунньуктарбытын — англичаннары кытта көрсүбүппүт. Икки хонон баран, ыам ыйын 9 күнүгэр, Берлиҥҥэ параадтаан киирбиппит. Оо, онно үөрбүппүтүн-көппүппүтүн туох сатаан кэпсиэ буоллаҕай! Уһулуччу хорсун быһыылары көрдөрбүт буойуннары ый аҥаара сынньалаҥ дьиэтигэр сытыарбыттара. Оннук чиэс миэхэ эмиэ тиксибитэ. Онтон дойдубар эргиллэн кэлбитим, — диэн кэпсиир Куонаан.

Үс төгүл бааһырбыт гвардия ефрейтора Конон Иванов сэриигэ килбиэннэрин иһин икки “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Ленинграды оборуоналааһын иһин”, “Харьковы оборуоналааһын иһин” бойобуой мэтээллэринэн, III истиэпэннээх Албан аат, Кыһыл Сулус уордьаннарынан наҕараадаламмыта. Ол гынан баран, итилэртэн кэлиҥҥи түөрт наҕараадатын кэмигэр тиксэн ылбатаҕа. Дойдутугар Мөрөөйүгэ оттуу сырыттаҕына: “Уордьан кэлбит үһү, ону киирэн ыл”, — диэбиттэригэр кыайан киирбэтэҕэ. Ол онон хаалан хаалбыта. Куонаан ити үрдүкү наҕараадалара тиллэн, бойобуой саллаат түөһүн өссө киэргэтэллэрэ буоллар, бэрт буолуох этэ. Билигин таб. Иванов сэрии иккис группалаах инбэлиитэ, ол да буоллар, холкуоһугар улахан көмөлөөх үлэһитинэн биллэр.

*    *    *

Бу матырыйаал сурулларын саҕана, билиҥҥинэн “Улуу Кыайыы” диэн буолбакка, “Хайҕаллаах 20 сыл күнэ” рубрика туттуллара Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы-

ны, сэрии кыттыылаахтарын, тыыл үлэһиттэрин сыаналааһыҥҥа, суолталааһыҥҥа бэлиитикэ уларыйан иһиитин көстүүтүнэн, элбэҕи толкуйдатар чахчынан буолар.

ИВАН КСЕНОФОНТОВ-СИЛИГИ БЭЛЭМНЭЭТЭ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түһүөҕэ.…

2 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

14 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago