Хааччахтыыр миэрэлэри киллэрии былааннаммат эрээри, гирииптэн сэрэхтээх буолуҥ

Хааччахтыыр миэрэлэри киллэрии былааннаммат эрээри, гирииптэн сэрэхтээх буолуҥ

19.09.2023, 20:51
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи  Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр  ОРВИ уонна COVID-19 ыарыыларынан сибээстээн, хааччахтыыр миэрэлэри киллэрии былааннаммат.

«Маасканы кэтии булгуччулаах эрэсиимин мэдиссиинэ үлэһиттэрэ тутуһаллар, онтон нэһилиэнньэ — бэйэтин көрүүтүнэн. Балаһыанньа ыараатаҕына эбэтэр ыксаллаах быһыы-майгы биллэрилиннэҕинэ, былаастар хааччахтааһыннары, ол иһигэр харантыыны уонна ыраахтан үөрэниини,  киллэриэхтэрин сөп», – диэн управлениеҕа иһитиннэрдилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин чахчытынан, ааспыт нэдиэлэни кытары тэҥнээтэххэ, ОРВИ-нан ыалдьыы элбээтэ. Ол иһигэр ордук элбэхтик 7-14 саастаахтарга эбилиннэ (184,4%).
Ыарыыттан харыстанар туһугар Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ маннык сүбэлиир:

-Элбэх киһи тоҕуоруһар сиригэр, уопсастыбаннай тырааныспарка мэдиссиинискэй маасканы  кэтиҥ;
-илиигитин мыылалаах уунан кичэллээхтик сууна сылдьыҥ эбэтэр антисептическай сириэстибэлэри туһаныҥ;
-Кирдээх илиигитинэн муннугутун, уоскутун уонна хараххытын таарыйбат буола сатааҥ;
-Уулуссаттан кэлэн баран  уонна уопсастыбаннай тырааныспарка олорсуу кэнниттэн мурун көҥдөйүн  ыраастанар үөрүйэҕи тутуһуҥ;
-сотовай төлөпүөннэргитин испиирдээх салпыакканан, дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн сото сылдьыҥ;
-таһырдьа тахсаргытыгар бүгүҥҥү күҥҥэ эппиэттиир курдук сылаастыҥ таҥныҥ.

-ОРВИ бэлиэлэрэ баар буоллахтарына, дьиэттэн тахсымаҥ, бэйэҕит билэргитинэн эмтэммэккэ, бырааһы ыҥырыҥ.

Ыарыыны сэрэтэр эрэллээх ньыманан, биллэрин курдук, быһыыны ылыы буолар. Быһыыны биэрии хампаанньатын чэрчитинэн, 2023 сыл күһүнүгэр гирииби утары нэһилиэнньэ 60 бырыһыаныгар биэрии былааннанар.

+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 83% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: