Эмфизематознай карбункул, норуокка биллэринэн, ынах сүөһү ыарыыта хааһырҕас диэнэр. Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу ыарыы Үөһээ Бүлүү, Ньурба уонна Чурапчы улуустарыгар тарҕаммыта.
Ыарыыны бохсор туһуттан сүөһүлэр ыалдьыбыт сирдэригэр бэтэринээрдэр 6941 хороҕор муостаахха быһыы туруоран тэрээһиннээх үлэни ыыппыттара. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ эпизоотическай өттүнэн өрөспүүбүлүкэбит хааһырҕас ыарыыттан ыраас олорор. Ыарыы хаттаан өрө турбатын туһуттан үүнэр 2023 сылга ыарыыга бэринимтиэ дьиэ кыылларыгар мэччирэҥ иннинэ быһыыны туруоруллуохтаах. Ол курдук, нэһилиэктэргэ бэтэринээрдэр ирдэбиллэрин толорон аны кэлэр сылга ынах сүөһүгэ хааһырҕас ыарыы утары быһыыны туруоруохтара. Санатар эбит буоллахха, хааһырҕас ыарыыга ордук 3-36 ыйдаах сүөһү сыстар.
Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…
Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…
Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…
Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…
Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…