Хааһырҕас төһө тэнийдэ? Туох ыарыыный?

Хааһырҕас төһө тэнийдэ? Туох ыарыыный?

14.10.2022, 11:17
Бөлөххө киир:

«Бу күннэргэ Чурапчы Дьабылатыгар хааһырҕас ыарыы турбутун туһунан иһитиннэрии социальнай ситиминэн тарҕанна. Турбута кырдьык дииллэр. Саха сирин атын улуустарыгар баара эмиэ иһиллэр. Уопсайынан, балаһыанньа хайдаҕын тугун, туох ыарыы буоларын исписэлиистэртэн ыйытаргыт буоллар» — диэн эрэллээх ааҕааччыбыт Ирина Васильева ыйыппыт. Онуоха суруналыыс Женни Стрюкова тустаах тэрилтэ исписэлиистэриттэн хоруй ылла. 

Социальнай ситиминэн тарҕаммыт сурук

Уб. Чурапчы нэһилиэгин сүөһү иитээччилэрэ!

Саха сирин Бэтэринээрийэ департаменын 2022 с. 03.10. күнүнээҕи 40 №-дээх дьаһалынан Харбала-1  уонна 30.09.2022 с  30.09. күнүнээҕи 39 №-дээх дьаһалынан Дьабыла сэлиэнньэлэригэр  хааһырҕас (эмфизематозный карбункул (ЭМКАР) диэн сыстыганнаах ыарыы турда.

Билигин Одьулуун уонна Хатылы нэһилиэктэрэ харантыыҥҥа олороллор. Бу нэһилиэктэр харантыынтан тахсыахтарыгар диэри:

❗ сүөһү🐮 хамсаппаккыт, атыыласпаккыт, атыылаабаккыт.

❗ билигин сүөһүлэргит алҕас  Одьулуун, Хатылы сэлиэнньэтигэр (дэриэбинэ иһигэр) тиийэн хаалбыт буоллахтарына, ылбаккыт.

❗ Хатылыттан, Одьулуунтан ыраах сыһыыга сылдьар буоллахтарына ылаҕыт.

❗ Чурапчы нэһилиэгэ Хатылы, Одьулуун нэһилиэктэриттэн сыста чугас сытар, онон сэрэхтээх, сүөһүлэргит ыалдьыбыт буоллахтарына, тутатына бэтэринээргэ биллэрэргитигэр.

❗ Сүөһү өлүгүн  буллаххытына уонна сүөһү өлбүт буоллаҕына, тутатына биллэрэҕит.

Чурапчытааҕы ветлечебница

12.10.2022с.

Бассаабынан маннык биллэрии тарҕаммытын көрөн, СӨ Бэтэринээрийэ департаменыттан ыйытыыга маннык хоруйдаатылар

ЭМКАР туһунан

ЭМКАР научнай аата Эмфизематозный карбункул (Gangraena emphysematosa) диэн, сахаларга хааһырҕас диэн былыр-былыргыттан балай эмэ биллэр, олус сытыытык киирэр уонна ынах сүөһүнү бэрт суһаллык суоһарар сыстыганнаах ыарыы буолар. Хааһырҕаһынан сутуллубут сүөһү былчыҥар, этин уонна тириитин икки ардыгар уулаах, хааһырҕыы сылдьар тыастаах искэҥнэр, карбункуллар, үөскүүллэр. Ыалдьыбыт сүөһү этэ-сиинэ сылаас буолар, титириир. Былыргы өттүгэр бу ыарыыны сотууну кытары тэҥҥэ холбоон дьон-сэргэ өйдүүр этэ.

Бу ыарыыга сүһүрдэр бахтыарыйа спораны үөскэтэн айылҕаҕа киэҥник тарҕанар. Олус сөбүлээн сир кырсыгар, сүөһү ноһуомугар, куталаах, бадарааннаах сирдэргэ тарҕанар. Бу ыарыы споралара тас дьайыылартан олус көмүскэллээх, тулуурдаах буолар. Ол курдук уонунан сылларга сиргэ-буорга, ноһуомҥа ыарыыны сүһүрдэр дьоҕурун сүтэрбэккэ сытыан сөп. Күн уотун суоһугар, оргутууга икки чаас өлбөккө сытар кыахтаах.

Хааһырҕаска сүрүннээн ыччат сүөһү, ньирэй, борооску дэбигис ылларан ыалдьар. Бу ыарыыга сүөһүлэр ыалдьыбыт сүөһүттэн эбэтэр споранан сутуллубут мэччирэҥнээх сиртэн-буортан, оттон-мастан, ууттан-хаартан сысталлар. Ыарыыны тарҕатар бахтыарыйа айылҕаҕа киэҥник тарҕаммытын быһыытынан ыалдьыан сөптөөх сүөһүнү сэрэтэр быһыы эрэ өрүһүйэр. Сэрэтэр быһыыны быйылгы төрүөххэ уонна ыччат сүөһүгэ мэччирэҥҥэ, сайылыкка тахсыы иннинэ, саас оҥоһуллар.

Ол эрээри, хаһаайыттар кэлиҥҥи бириэмэҕэ төрүөхтэрин сэрэтэр быһыыны ылар саастарын (үс, түөрт ыйдарын) ситэ иликтэринэ мэччирэҥҥэ, буолаары буолан күһүҥҥээҥҥэ диэри эмньиккэ ыытан кэбиһэр буоланнар, быһыыны ылбатах сүөһүлэр ыалдьар түбэлтэлэрэ тахсар.

Быйылгы дьылга Саха сиригэр хааһырҕаска уопсайа аҕыс ыарыы турбут пууна бэлиэтэннэ. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһугар үс нэһилиэккэ ыарыы тура сырытта, олортон билиҥҥи туругунан икки нэһилиэккэ ыарыы бохсуллан турар. Онтон Боотулу нэһилиэгэр сэрэтэр, эмтиир үлэлэр салҕыы ыытылла тураллар.

Маны таһынан Ньурба улууһугар үс, Чурапчы улууһугар икки нэһилиэккэ бу ыарыыны утары сэрэтэр, эмтиир үлэлэр ыытылла тураллар.

Дьон-сэргэ, сүөһүлээх дьон истиитигэр кэккэ дьаһаллары тутуһалларын бэлиэтиэхпитин баҕарабыт.

Ол курдук, харантыын олохтоммут нэһилиэктэригэр харантыынтан тахсыахтарыгар диэри:

— сүөһүнү хамсаппаккыт, атыыласпаккыт, аты́ылаабаккыт, тиэйбэккит-таспаккыт;

— сүөһүлэргит алҕас ыарыы турбут нэһилиэктэригэр, сэлиэнньэтигэр (дэриэбинэ иһигэр) тиийэн хаалбыт буоллахтарына ылбаккыт, ыраах сыһыыга сылдьар буоллахтарына үүрэн ылыаххытын сөп;

— сүөһүлэргит ыалдьыбыт буоллахтарына тутатына олохтоох ветисписэлиистэргэ биллэрэргит булгуччулаах;

—  сүөһү өлүгүн буллаххытына уонна сүөһү өлбүт буоллаҕына тутатына бэтэринээринэй сулууспаҕа биллэрэҕит.

Ону тэҥэ биир сүрүн ирдэбилинэн саҥа төрүөххүтүн уонна түөрдүгэр диэри саастаах ыччат сүөһүгүтүн сылын аайы мэччирэҥҥэ тахсыах иннинэ булгуччулаах сэрэтэр быһыыны бэтэринээрдэргэ оҥоттороргут ирдэнэр. Маныаха эбии ороһу төрүүр ньирэйдэри үс ыйдарын туолууларыгар сайыҥҥы кэм хайа да бириэмэтигэр хаайталаан быһыы оҥоттороргут ирдэниллэр.

Өскөтүн бу ирдэбиллэри тутуспат түгэҥҥитигэр, бэрт судургутук сэрэтиллэр хааһырҕас курдук ыарыы, аны даҕаны сүөһүбүтүн-аспытын сүһүрдэ, энчирэтэ, айгырата, хороҕор муостаахтан иитиллэр, дохуот ааҕынар нэһилиэнньэҕэ кырата суох хоромньутун таһаара туруоҕа. Ол да буоллар, бу ыарыы киһиэхэ куттала суох.

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: