Хаалыктаах хаамааччылар — айылҕа доҕотторо

Share

Мин бу этиини кытары толору сөбүлэһэбин. Педагогика билимин хандьытаата, СӨ успуордун үтүөлээх үлэһитэ Григорий Дьячковскай иитиллээччитэ, биир дойдулаахпыт Матвей Лыткин Кэптэни бөһүөлэгэр скандинавскай ньыманан хаалыктаах хаамыыны билиһиннэриэҕиттэн, үөрэтиэҕиттэн уонтан тахса сыл ааста.

Оччолорго алта уоннарын ааспыт Акулина Колесова, Ульяна Белолюбская, Мария Алексеева о.д.а күн бүгүҥҥэ диэри хаама сылдьалларын үөрэ көрөҕүн. Людмила Борисова, Екатерина Белолюбская, Людмила, Николай Лыткиттар, Татьяна Нафанаилова, Маргарита Попова, Екатерина Говорова, Изабелла Павлова, о.д.а. хаамаллара холобур буолара. Ити курдук, бу көрүҥүнэн дьарыктанааччылар элбээн иһэллэр. Ким төһөҕө бириэмэлээҕинэн, сөп түбэһэринэн паалка доҕордоох хаамалларын бөһүөлэккэ бэлиэтии көрөллөр.

Билигин «Аал уот» бэтэрээннэр бөлөхтөрүн иһинэн үлэлиир түмсүүнү Галина Олесова былааннаахтык үлэлэтэр. Киниэхэ орто саас көлүөнэттэн көмөлөһөөччү Галина Прокопьева сүбэ-тирэх буолар. Галина Олесова куоракка хаалыктаах хаамсыбыт буолан, элбэх эрчиллиилэри толотторор.
Бастакы көҕүлээччилэр Екатерина Говорова, Мотрёна Новгородова, Анна Олесова өрүү хаамар сирдэринэн айылҕаны ыраастыы, арчылыы сылдьар үтүө үгэстэригэр олоҕуран, бу сайын саҕаланыыта Орто сайылыкка ырааһырдар үлэни ыыттыбыт. Бу субуота күн «Ыраас уу» аахсыйаҕа кыттаммыт, Уу Чэҥэйи ыраастаан, Эбэ тула бөҕү-саҕы хомуйан, аар айылҕабытын үөрдүбүт курдук буоллубут. Онон, «Хаалыктаах хаамааччылар айылҕа доҕотторо, эколог буолуохтаахтар» диэн этиигэ сөбүлэһэбит.

Ульяна БУРНАШЕВА, Кэптэниттэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

3 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

3 часа ago