Хаалыктаах хаамыы кыһыҥҥы сезона саҕаланна
Бүгүн, ахсынньы 3 күнүгэр, Дьокуускай куорат сынньалаҥ пааркатыгар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн, «Стимул» кулууп чилиэннэрэ уонна хаамыыны сөбүлүүр дьон хаамыы кыһыҥҥы сезонун арыйдылар.
40-тан тахса кыраадыстаах аан тумарык быыһынан хаалыктаах хаамыынан киэһэ пааркаҕа 50-ча киһи хараҥа ойуур быыһынан хаамыста. Салайааччы Матвей Лыткин сезону аһар тэрээһин саҕаланна диэтин кытары мустубут дьон, банаар уотунан сырдатынан хамаанданан бардылар.
«Быйылгы хаамыыга 50-н тахса киһи кытынна, былырыын 100-н тахса киһи кыттыбыта. Мантан инньэ пааркаҕа сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри хаамыахтара. Кыһыҥҥы кэмҥэ хаамыынан дьарыктаныы олус туһалаах: килокалорий элбэх баранар, тымныы эмтиир, киһи этэ-сиинэ чэбдигирэр», – диэн Матвей Лыткин санаатын үллэстэр.
Салгыы тэрээһини ситэрэн, хаалыктаах хаамыы кулуубун көхтөөх чилиэннэригэр араас номинацияларынан наҕараадалар туттарылыннылар. Мустубут дьон, хаамыыны сөбүлээччилэр астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: