Салгыы
“Хаамаайылар” бааһынай хаһаайыстыбалар «хоруоллара» дуо?

“Хаамаайылар” бааһынай хаһаайыстыбалар «хоруоллара» дуо?

Ааптар:
02.11.2023, 14:06
Хаартыскаҕа Полина Николаева түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Саха сирэ кыстыкка киирдэ. Тымныы ыган иһэр буолан, хаһаайыстыбалаахтар ыраахтарын чугаһатар, чугастарын чөкөтөр түргэн тэтимнээх эрэсиимнэригэр биир сарсыарда дуогабардаах ыанньыксыттара дуу, хотон көрөөччүлэрэ дуу “барабын” диэн бууннаан турар. Тоҕо? “Бастакы хамнаска диэри” диэн статустаах хаамаайы үлэһиттэр итирэр-кутурар баҕалара хамнастаах үлэлэриттэн ордук былаастаах буолар эбит. Сөхтүм.

“Арыгыны биирдэ эмэ кыратык иһэбин, табаҕы тардыбаппын”

Социальнай ситимнэргэ сотору-сотору “Ыанньыксыт, хотон үлэһитэ көрдүүбүт. Хамнас ыйын аайы төлөнөр. Киин ититэр ситимнээх дьиэнэн, интэриниэтинэн, үлэ таҥаһынан хааччыйабыт. Баанньык баар. Ынах аппараатынан ыанар, сүөһү дьиэҕэ уулуур тэриллээх. Босхо аһатабыт” онтон да атын араас усулуобуйа тэрийэбит диэн ис хоһоонноох биллэриилэр тахсаллар. Холобур, бу соторутааҕыта уопсайа 60 төбө сүөһүнү көрүүгэ 70 тыһ. солк. уу харчынан ууран биэрэбит диэн баара. Бириэмийэ да биэрээччилэр үгүстэр. Пиэрмэрдэр кыһалҕаттан, үлэһит илии тиийбэтиттэн, чахчы үлэтигэр эппиэтинэстээх сыһыаннаах киһи ахсаана аҕыйаҕыттан маннык дьаһаллары ылаллар. Баҕар диэн…

Син үлэһит көстөр, ити эрээри бииртэн биир хаһаайыстыбаҕа биирдии ый (уһаабыта сыл аҥаара) арыттаах “хаамаайылар” кэлэллэр. Өр сылларга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбит исписэлиис этэринэн, бу олох хаамыыта, урут да оннук этэ, билигин да оннук. Тыа сиригэр хаһаайыстыба тэринэн үлэлииргэ биир сүрүн кыһалҕа итиннэ сытарын бэлиэтиир.

“Үлэлиибин, үлэлии сылдьар үлэм. Барытын сатыыбын. Арыгыны биирдэ эмэ кыратык иһэбин, табаҕы тардыбаппын”, — диэн бастаан туруу үлэһит курдук уобараһы олохтоон, тиийэн кэлэллэр. Онтон дьэ саҕаланар эбит. Ханна да буоллун, сценарий биир — “Урукку хаһаайын (тойон) хамнас диэни биэрбэт этэ, хамначчыт курдук илдьэ сылдьыбыта, барытын миэхэ үлэлэтэрэ, аһаппат, олордор дьиэлэрэ оһоҕунан оттуллар этэ” уо. д.а. ытанар тыллар, оннооҕор “кырбыыллара” диэн кэпсээннээх буолаллар эбит. Салгыы аны ыалдьарын, кырдьыбытын, сылайарын, сотору өлөөрү сылдьарын туһунан нуойдааһын барар. Биир тылынан эттэххэ, дьиҥнээх “психологтар” диэн кинилэр буолаллар эбит. Ол аайы хаһаайын дуогабардаһан ылбыт үлэһитэ кини хотонугар өлбөтүн туһугар кыһаллар. Устунан дьоммут най бараллар, сотору-сотору баралларынан куттууллар. “Сөп буолуо, бар” диэтэххинэ, биллэн турар, саамай куһаҕан хаһаайын эн буолаҕын — барахсаны атаҕастаабыт. Салгыы үөһээ суруллубут сценарийынан барар.

Аны туран, маннык дьон сүөһүгэ олус кырыктаах буолаллара бэлиэтэнэр. Маат-куут түһэрээт, ньирэйи маһынан сүүскэ саайалларыгар илиилэрэ тардыбат.

“Үлэһитим барда”

Пиэрмэрдэр бөлөхтөрүгэр ааспыт нэдиэлэҕэ түөрт ИП тэҥинэн: “Үлэһитим барда. Хайдах итинник буолуохха сөбүй!!!” диэн кыһыыларын-абаларын үллэстибиттэрэ. Эмиэ саҥа биллэриилэрин хотунан-соҕуруунан ыһа-тоҕо ыыталаатылар. Бу сырыыга дьэ хайдах үлэһиккэ түбэһэбин диэн ол толкуйа. “Эн киһиҥ хайа диэки барда? Атастаһыахха, син-биир биир ый үлэлииллэр дии, бастакы хамнаска диэри” эҥин диэн кэпсэтиилэр таҕыстылар.

Хаһаайыстыбалаах эдэр дьон санааларын бииргэ түмэн таһаардахха, хартыына маннык буолла:

— Төбөлөрүн олоруута, толкуйдара оннук буоллаҕа. Итинниктэр, хайыыр да кыах суох. Арыгыга убанан, арыгыны ойох оҥостубут дьон. Үлэлээн мунньуммут харчыларынан арыгылыы бардахтара. Үлэһит булар ыараан турар, сир дойду аайы биир хартыына. Иһэр киһилиин үлэлиир моһуоктаах. Хотон көрөөччү испэт киһи диэн суох буоллаҕа буолуо. Эбэтэр олох доруобуйата мөлтөөн испэт буолбут дьон баар буолуохтарын сөп. Аны оннуктар үлэни кыайбат буолаахтыахтара. Хаһаайыстыбаҕа саамай эрэйэ — үлэһит суоҕа. Билигин аныгы арыгыһыт уолаттар сүөһүгэ сыстыбаттар, эн төһө да усулуобуйа оҥор. Уонна үлэлиир ахан дьон курдук ирдэбиллэрэ олус. Арыгы иһээччини кымньыы эрэ кыайар, этэ ыалдьыан наада. Иһэр киһи бөрөтөөҕөр куһаҕан. Сымыйаччыта, албына, абытай дьон буоллахтара. Атын үлэһити дьыл баччатыгар син-биир булбаттар, миигиттэн көрдөһүөхтэрэ, хааллара сатаан тугу этэрбин барытын толоруохтара, оччоҕуна көҥүлбүнэн арыгылаан сылдьыам дии саныыр буоланнар, итинник бардыбыт диэн куттууллар.

Кэпсэтиигэ уопуттаах пиэрмэр кыттан, сүбэтин тириэртэ:

— Хаһаайыстыбабыт улахан, билигин идэһэ бэлэмнээһинигэр сылдьабыт. Алта үлэһиттээхпит. Иһэр дьон үлэлии кэллэҕинэ, тута биллэр. Кинилэргэ, хамнас бараргытыгар биирдэ бэриллэр диэн этэбит. Аһылыктара, олороллоро босхо, таҥаһынан хааччыйабыт. Табах, төлөпүөн харчыта хамнас суотугар. Маннык усулуобуйаҕа арыый эппиэтинэстээхтэрэ син уһуннук үлэлииллэр. Дуогабардара бүттэҕинэ, мунньуллубут харчылаах бараллар. Иһэр дьоҥҥо хамнас биэримэҥ. Алименнаах, кирэдьииттээх буоллаҕына, абаанса быһыытынан тута дьонугар ыытыҥ. Кытаанахтык, атаахтаппакка сыһыаннаһыахха наада. Үтүө сыһыаны кинилэр өйдөөбөттөр, төбөҕөр ыттан бараллар. Анаан итинник хаһаайыстыбаттан хаһаайыстыбаҕа көһө сылдьаллар. Син-биир үлэҕэ ылыллалларын билэллэр, киһи кыһалҕатынан “оонньууллар”.

“Кэлэйбитим. Билигин барытыгар — бэйэбит эрэ!”

— Ыарахан балаһыанньа. Агростартапка кыайан, ИП буолбутум бэһис сыла. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөбүлэҥ быһыытынан икки үлэһиттээх буолуохтаахпын. Бу — федеральнай бырагыраама ирдэбилэ, тыа сиригэр үлэ миэстэтин таһаарыахтааххын диэн. Араас үлэһит кэлэн барда. Билигин сүрэх бааһа буолан, кэргэммин, бииргэ төрөөбүт бырааппын үлэлэтэ сылдьабын. Ынахпын бэйэм ыыбын. Маннык дьаһаммыппыт сынньалаҥ, үлэ да тэтимирдэ, — диэн кэпсиир Уус Алдан улууһун пиэрмэрэ. “Хаамаайылар” чахчы төбө ыарыыта дьон эбиттэр. Күнүҥ “сарсыарда үлэтигэр тахсыбыта дуу” диэнинэн саҕаланар, киэһэҥ “испэтэ ини” диэнинэн түмүктэнэр.

“Хастыы да сыл үлэлээччилэр бааллар”

Киһититтэн тутулуктаах — ол чуолкай. Эппиэтинэс диэн баар буолуохтаах хас биирдии киһиэхэ, саатар бэйэтин олоҕор. Олоҕун таптыахтаах, эйгэтин ылыныахтаах, ылсыбыт үлэтин сөбүлүөхтээх. Хотон үлэһитэ диэн — бу хамначчыт, хачыгыр буолбатах, дьон аһылыгын оҥорооччу, доруобай, куттала суох, бэйэ аһын бэлэмнээччи буолар. Билигин бааһынай хаһаайыстыбалар үүттэрин-эттэрин соҕотуопкалаан дохуот аахсаллар. Ыанньыксыт төһө үүтү ыабытынан, хотон көрөөччү төһө сүөһүнү эмис-тот тутан, идэһэҕэ тириэрдибитинэн харчыланар. Ону өйдүүр, билэр, хоһуун-хоодуот үлэһиттэр бааллар. Кинилэринэн киэн туттабыт, махталбытын этэбит.

“Этиилээхпит”

Чуолаан тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэни биэрээччи уонна үлэ көрдөөччү дааннайдара киллэриллибит саайт наада. Манна үтүө суобастаахтык үлэлиир дьон туһунан сиһилии суруйуохха, уопутуттан кэпсиэххэ, санаатын истиэххэ баара. Тэҥинэн үлэни биэрээччи үлэһиккэ тэрийэр усулуобуйатын, вакансияларын суруйуохха, оҥорон таһаарар бородууксуйатын кэпсиэххэ. Иккис курдук, “хаамаайы” үлэһиттэри эмиэ ааттаталыахха, пиэрмэр сыралаах үлэтин атахтаабыттары атыттар билэллэрин курдук. Оччоҕуна эрэ үлэҕэ убаастабыл баар буолуоҕа.

Полина Николаева (СИА).

+1
16
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: