Салгыы
Хаандыгаҕа инбэлиит оҕону ыт ытырбытынан дьаһалта ыстарааптанна

Хаандыгаҕа инбэлиит оҕону ыт ытырбытынан дьаһалта ыстарааптанна

05.06.2023, 18:00
Ульяна Захарова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Томпо оройуонун борокуратуурата Хаандыга бөһүөлэгин дьаһалтатыттан инбэлиит оҕону бэйдиэ сылдьар ыт саба түһэн ытырбытын иһин уйулҕа өттүнэн охсууну ылбытын толуйарга быһаарда. Ол туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Томпо улууһун борокуратуурата 2012 сыл төрүөх оҕоҕо бэйдиэ сылдьар ыт саба түспүтүнэн уонна олохтоох бэйэни салайыныы уоргана хаһаайына суох кыылларга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыы туһунан сокуону төһө тутуһалларыгар бэрэбиэркэ ыытта.

Быһаарбыттарынан, Хаандыга бөһүөлэгин дьаһалтата сокуон ирдэбилин толорботоҕун түмүгэр көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар ыт 2023 сыл муус устар ыйыгар инбэлиит оҕоҕо саба түһэн этэ-хаана эмсэҕэлээбит, уйулҕатыгар охсууну ылбыт.

Борокуратуура сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо быраабын көмүскээн ыт саба түһүүтүн түмүгэр эмсэҕэлээбит оҕо туһатыгар дьаһалтаны ыстарааптыыр туһунан көрдөбүл түһэрбит.

Суут борокуруор ирдэбилин өйөөн, дьаһалта эмсэҕэлээбит оҕо туһатыгар уйулҕа өттүнэн охсууну ылбытын иһин 80 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх толуйууну оҥороругар быһаарда.

Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, онон өрүттэр ааһыныахтарын сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: