Ханнык тэллэйдэри хомуйуу мөлүйүөнүнэн ыстараабынан эргиллиэн сөбүй?

Share

Саха сирин Экология министиэристибэтигэр мөлүйүөнүнэн ыстарааптаах ханнык тэллэйдэри хомуллубат ордугун туһунан кэпсээтилэр.

Саха сиригэр Кыһыл кинигэҕэ киирбит тэллэй барыта 11 көрүҥэ үүнэр. Сэдэх уонна сүтэр кутталлаах тэллэйдэри хомуйуу иһин биир тыһыынчаттан биэс тыһыынчаҕа диэри биирдиилээн киһиэхэ административнай ыстараап көрүллэр, биэс сүүс тыһыынчаттан биир мөлүйүөҥҥэ диэри юридическай сирэйдэргэ. Кыһыл кинигэҕэ киирбит тэллэйдэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ордук киин, соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр үүнэллэр.

Сэдэх, Кыһыл кинигэҕэ киирбит тэллэйдэр испииһэгэ:

  • Клавариадельфус язычковый — Clavariadelphus ligula.
  • Клавариадельфус пестичный — Clavariadelphus pistillaris.
  • Клавариадельфус усеченный — Clavariadelphus truncatus.
  • Траметес Любарского — Trametes ljubarskyi.
  • Гериций коралловидный — Hericium coralloides.
  • Полипорус корнелюбивый — Polyporus rhizophilus.
  • Полипорус зонтичный — Polyporus umbellatus.
  • Рогатик зеленеющий — Ramaria abietina.
  • Рогатик грациозный — Ramaria gracilis.
  • Рогатик шведский — Ramaria suecica.
  • Климакодон красивейший — Climacodon pulcherrimus.

Мантан атын сиэниллэр тэллэйи куттаммакка хомуйуохха сөп  диэн Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

11 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

12 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

12 часов ago