Хааныҥ баттааһынын хайаан да бэрэбиэркэлэтэ сырыт
Ыам ыйын 15-21 күннэригэр Арассыыйаҕа хаан баттааһына үрдээһинин сэрэтиигэ аналлаах нэдиэлэ ыытыллар.
Хаан баттааһына (артериальнай давление) киһи сааһыттан, эти-сиини ноҕуруускалыыр бириэмэтиттэн, стресстэн, сүрэх үлэтиттэн, хаан сүүрэр тымырдартан уо.д.а. чахчылартан тутулуктаах.
Хаан баттааһынын кэмниир тонометрга бастакы сыыппара сүрэх муҥутаан үлэлиир кэмигэр хаан тымырдар истиэнкэлэригэр төһө күүскэ баттыырын, онтон иккис сыыппара – уоскуйуу, сынньалаҥ кэмигэр төһө баттыырын көрдөрөр.
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор хааннарын баттааһына ортотунан — 80/50, обургу оҕолорго — 110/70 буолар. Онтон улаатан истэхтэрин аайы бэрт кыратык үрдүүр. Ол гынан баран, улахан дьон хаанын баттааһына 140/90 үрдүө суохтаах.
Хаанын баттааһына үрдүк киһиэхэ артериальнай гипертония эбэтэр гипертензия, оттон хаанын баттааһынанамыһах киһиэхэ гипотензия эбэтэр гипотония баар буолаллар.
Онуоха өр кэмнээх артериальнай гипертензия гипотензиятааҕар доруобуйаҕа биллэ кутталлаах.
Хаанын баттааһына үрдүк дьоҥҥо мэйиигэ хаан эргиирэ (инсульт) биллэрэ – 7 төгүл, сүрэх ишемическай ыарыыта биллэрэ – 4 төгүл элбэх буолуон сөп. 160/100 уонна онтон үөһээни көрдөрөр артериальнай гипертензия өр кэмҥэ эбэтэр ыараханнык барарын эмтээбэтэххэ, эмискэ өлүү куттала 50% үрдүүр.
Доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин чахчыларынан, хаан баттааһынын судургутук хонтуруоллааһын сүрэх-тымыр систиэмэтин кутталлаах ыарыытыттан уонна ол содулуттан (инфаркт, инсульт, тымыр деменцията, ретинопатия эбэтэр эмискэ өлүү) куотарга көмөлөһөр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: