«Хаар куйаар номохторо» киинэ салгыы бэстибээллэргэ кыттыаҕа
Афанасий Ноев, култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ:
— Киинэни устааччыларбыт ыһыах саҕана саха дьонугар улахан бэлэҕи оҥордулар. II Бишкектээҕи киинэ бэстибээлигэр Гран-при бирииһин ыллылар. «Сахафильм» Арассыыйа, Саха сирин биир бастыҥ хампаанньата буолар. Саха киинэтин сайдыыта 1992 сылтан, Михаил Николаев »Сахафильмы» тэрийиэҕиттэн саҕаламмыта. Биһиги 2020 сылтан питчиннэри (инвестордары көрдөөһүн ньымата) тэрийэбит. 103 сайаапкаттан 29 бырайыагы өйөөбүттэрэ. Бу «Хаар куйаар номохторо» киинэ эмиэ өйөбүлү ылбыта.
Алексей Романов, сүрүн режиссер:
— ВГИК кэннэ устубут дипломнай үлэм салгыытын курдук буолар. Хайдах эрэ тугу эрэ ситэрбэтэхпин, салгыытын устубут киһи диэн санаа баар этэ. 40-ча сыл буолан баран, сиквелы устуу ураты буоллаҕа. Сценарийын суруйууга Любовь Борисовалыын сүбэлэһэн баран, атын устуоруйаны толкуйдаабыппыт, ол эрээри »Мааппа» кэпсээҥҥэ олоҕурар. Бастаан омук дьоно өйдүөхтэрэ суоҕа диэн сэрэхэчийбитим. Онтум мистиканы өйдөөн, киинэ ис хоһоонун уонна уһуллубут хаачыстыбатын хайҕаатылар. Артыыстар оонньообуттарын, тыаһын-ууһун, ис хоһоонун үрдүктүк сыаналаатылар. Дьүүллүүр сүбэ сүрүн бирииһи биэрэригэр, ким да саарбахтаабакка, биир тылынан сөбүлэспиттэр. Ол ордук үөрдэр.
Сардаана Саввина, продюсер:
— Киин Азияҕа Бишкек бэстибээлэ улаханнык сыаналанар. Олус элбэх дойдулар бэрэстэбиитэллэрэ бааллар этэ. Кыттааччы да элбэх этэ, кинилэри барыларын кыайыы аан дойду билиниитин ылбыт тэҥэ буолар. Бу сайын атын бэстибээллэргэ кыттарга үлэлиибит. Аны күһүн саамай сүрүн, ирдэбиллээх, тапталлаах көрөөччүлэрбитигэр, Саха сиригэр көрдөрүөхпүт. Киинэҕэ биир эпизодка эбээн саҥата иһиллиэҕэ. Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар эмиэ көстүөхтээхтэр, иһиллиэхтээхтэр дии саныыбыт.
Алексей Егоров, »Сахафильм» хампаанньа дириэктэрэ:
— Киинэбит кыайыыта биһиэхэ улахан бырааһынньык буолар. Сыллата биһиги киинэлэрбит араас бэстибээллэргэ кыайаллар, ол аата саха киинэтэ сайдан иһэр. Биһиэхэ бырабыыталыстыба өйөбүлэ улахан. Креативнай индустрия сайдыытын кытта инники сайдыыбыт ситимнээх. Мин санаабар, бу ураты хартыына. Аан дойду кириитиктэрэ үрдүктүк сыаналаабыттара да ону туоһулуур. Артыыстар олус үчүгэйдик оонньоотулар: Федот Львов, Иван Константинов, Гаврил Менкяров, уо.д.а. Аҥаардас ону да көрө кэлиэххэ сөп.
Салгыы режиссер киинэни хайдах устубуттарын кэпсээтэ. Былырыын кулун тутар, муус устар ыйдарга устубуттар. Оччолорго хаар олус халыҥ этэ. Киинэ улахан аҥаарын устата халыҥ хаары кэһэн, атынан айаннаан тахсаллар. Онно аттар аккаастаналлар эбит. 40 кыраадыс тымныы буолбутугар, таһырдьа устуу күчүмэҕэйдэрдээх буоллаҕа. Аны түүн устан, утуйбакка сылдьыы да баара.
Саха оператордара хаары устууну баһылаабыттарын режиссер киэн тутта кэпсээтэ. Бэстибээл кэмигэр киниэхэ Япония продюсера кэлэн, хаары хайдах устаҕытый диэн ыйыппыт. Кинилэр аныгы, хаачыстыбалаах камеранан уста сатыыллар да, кыайбаттар эбит. Саха хаар 33 өҥүн-дьүһүнүн арааран билэр дииллэринии, оператордар да табан устар буоллахтара.
Оттон култуура миниистирэ Афанасий Ноев киинэ саха литературатыттан төрүттэнэрин, биир ситимнээхтэрин санатан туран, Николай Заболоцкай-Чысхаан «Мааппа» кинигэтин булан ааҕаргытыгар, онтон Алексей Романов 1986 сыллааҕы киинэтин булан көрөргүтүгэр ыҥырда. Оччоҕо дьэ, бу сиквел киинэни көрөргө бэлэм буолаҕыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: