Бу күннэргэ киэҥ экраҥҥа тахсыбыт “Хаар куйаар номохторо” (“Легенды вечных снегов”) мистическай дыраама режиссер Алексей Романов «Мааппа» диэн кылгас кээмэйдээх саха бастакы уус-уран киинэтин салгыытын быһыытынан (сиквел) уһулунна.
Саха аныгы киинэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, Сергей Герасимов үөрэнээччитэ Алексей Романов “Мааппа” киинэтин 1986 сыллаахха Бүтүн Арассыыйатааҕы кинематография институтун бүтэрэригэр дипломнай үлэтигэр устубута. Кини саха классик суруйааччыта Николай Заболоцкай-Чысхаан кэпсээнинэн устубут үлэтэ инникитин улахан кээмэйдээх киинэ буолан тахсыахтааҕын оччолорго даҕаны өйдүүрэ. «Мин урукку киинэм сюжетын хатылаабакка, ол эрэн, ол номоххо олоҕуран туох эрэ атыны толкуйдуохтаахпын билэр этим. Режиссер Любовь Борисованы кытары уһун кэм устата сценарий 5 көрүҥүн суруйбуппут”, – диэн Алексей Семенович саха киинэтин биир чаҕылхай режиссера Любовь Борисованы кытары айымньылаахтык үлэлээбиттэрин туһунан этэр.
Киинэни былырыын Мэҥэ Хаҥалас (Манчаары Баһылай балаҕаныгар), Хаҥалас улуустарыгар уонна куорат таһыгар устубуттар. Кубулҕаттаах кулун тутар диэх курдук, тымныы, силлиэ түһэн уонна иккилии миэтэрэлээх күрдьүктэри оймоон устар буолан, кэккэ ыарахаттары көрсүбүттэр. Тоҥуу хаарга наар акка олорон сиэллэрии көрөргө олус кырасыабайын да иһин, киинэни устааччылар этэллэринэн, аттары (уопсайынан, кыыллары) кытта үлэлиир олус ыарахан.
Тоҥуу хаары кытта хабырыйсыы, хотугу айылҕа дьиктилэрэ, артыыстар оонньуулара, хотугу дьон таҥаһа-саба, кийиит кыыс сүктэн барар сиэрэ-туома, олорор дьиэ-уот, үгэстэр олус үчүгэйдик көрдөрүлүннүлэр. “Хаар куйаар номохторо” диэн табатык да ааттаабыттар. Киинэ көстүүлэрэ маҥан хаары кытта ситимнээхтэр, онон барыта ыраас, сырдык, көрөөччүнү сылаппат, төттөрүтүн, уоскутар курдук. Хаары кытта быстыбат ситимнээх саха дьоно буоллахпыт!
“Хаар куйаар номохторо” киинэ ис хоһоонун кылгастык билиһиннэрдэххэ, Килук диэн ааттаах эбэҥки эдэркээн кыыһын кырдьаҕас кинээскэ эргэ биэрэргэ илии тутуһаллар. Килук барахсаны төрөөбүт алаһа дьиэтиттэн арааран илдьэ кэлэргэ Хаабый диэн, омос көрдөххө, хабыр майгылаах киһиэхэ уонна икки көмөлөһөөччүтүгэр кытаанах сорудах бэриллибит. Кинилэр уһун унньуктаах айаннарын устата араас түгэн барыта буолар. Ол иһигэр, киһи олоҕун биир саамай күндүтэ – таптал кыыма күөдьүйэр. Дьэ, мантан ыла киинэ сюжета сайдан барар. Айанньыттартан биирдэстэрэ Ньукуус эдэркээн бэйэлээх Килугу бастакы көрүүттэн таптаан кэбиһэр, бастаан барыларыттан куттана сылдьыбыт Килук эмиэ уолу сөбүлүү көрбүтүн сэмэйдик биллэрэр. Ньукуус кинини хайаан да күрэтэргэ тылын биэрэр, Килук итэҕэйэр. Ол гынан баран, Хаабый кыраҕы хараҕын далыгар сылдьан, хайдах да күрүүр кыахтара суох. Ньукуус Килук туһугар олоҕун да толук ууруох курдук буолар. Онтон кинилэр иннилэригэр хаар куйаарын быыһыгар соҕотох балаҕан оҥойон турара көстөн кэлэр. Дьэ, мантан ыла киинэбит өссө сытыырхайан барар…
Мантан ыла Дьылҕа Хаан барыларын тургутан көрөр, хас биирдиилэрэ күүппэтэх түгэннэриттэн хайдах тахсарга быһаарыналларыттан кинилэр дьиҥ майгылара-сигилилэрэ аһыллар.
Киинэҕэ “эр киһи биир тыллаах”, “туох барыта сэттээх-сэмэлээх” диэн өбүгэлэрбит саҕаттан кэлбит санаа этиллэр. Сүрүн дьоруой эдэр сылдьан тыаҕа мунан баран, балаҕаҥҥа таптаспыт Мааппата көмөргө көрдөспүтүн толорботоҕо кинини үйэтин тухары эрэйдиир, санаа баттыгар сылдьар. Ол да иһин, Дьылҕа Хаан киниэхэ оҥорбут алҕаһын көннөрүнэригэр суолу арыйан биэрэр, көрөөччүгэ “туох барыта сэттээх-сэмэлээх” диэн өйдөбүлү санатар. Манна икки таптал тэҥнии тутуллар курдук, бастакы көрүүттэн симик таптал уонна табыллыбатах таптал.
Хаабый бэйэ-бэйэлэрин таптаһар эдэркээн дьон олохторун огдолутуон кэриэтэ, бэйэтин олоҕун толук ууран, буруйун боруостуур. Онон биир өттүнэн санаатахха, үөр буолбут Мааппатыныын анараа дойдуга бииргэ буолуохтара… Бэл, кыыс дьонун сөбүлэҥин ылан, кийиит кыыһы аҕаллаҕына, улахан бэлэҕи-туһаҕы ылыахтааҕын туһунан сөбүлэҥнэрин улахаҥҥа уурбакка, олоҕун толук уурара кини Мааппаҕа таптала уостубатаҕын көрдөрөр.
Бу сыана киинэҕэ олус күүстээхтик көрдөрүллүбүт. Айылҕа Хаабыйы уонна кини аргыстарын тыйыстык көрсөн, тыал-куус түһэрэн силбиэтэнэн, дьоруойдар инники олохторо быһаарыллыахтаах кыл түгэнэ тиийэн кэлэр. Ол эрээри, бу түгэҥҥэ билиҥҥи эдэр көрөөччү эбэтэр урукку “Мааппа” киинэни көрбөтөх дуу, айымньытын аахпатах дуу киһи өйдүө суоҕун курдук дуу? Икки кыыстан (биирдэрэ илэ баар, биирдэрэ үөр буолбут) ким кимин өйдүү охсорго ыарахан соҕус. Ол гынан баран, киинэбит мистика диэн жанрдааҕынан, ким хайдах фантазиялааҕынан өйдүөн сөп эбэтэр урукку киинэни көрөн бэлэмнээх кэлэн кэлиэн сөп.
Уопсайынан, киинэ табыллыбыт. Ону араас бэстибээллэр үрдүктүк сыаналаабыттара да кэрэһилиир. Киинэ хайыы үйэ Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы II киинэ бэстибээлин, “Алтын минбар” Казаньнааҕы ХХ норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин Гран-приларын ылла. Киинэ сценарийа “Киношок” бэстибээл түмүгүнэн бастыҥынан билинилиннэ. Сэтинньи 17 күнүгэр Лос-Анджелеска Азия киинэтин бэстибээлигэр көрдөрүөхтэрэ. 2025 сыл олунньутугар норуоттар икки ардыларынааҕы Роттердамскай бэстибээлгэ кыттыахтара.
Саха киинэлэрэ, ол иһигэр “Хаар куйаар номохторо”, айылҕаны кытары сибээһи, саха омугун төрүт үгэстэрин көрдөрөллөрүнэн уратылаахтар. Оттон саха киһитэ омук быһыытынан тугу сүтэрбиттэрин эбэтэр сүтэрэн эрэллэрин өйдүүр, бэйэтин уонна төрүттэрин олохторун толкуйдаан көрөр.
Маргарита Борисова – “Мааппа” киинэҕэ Мааппа оруолун толорбут артыыс, СӨ үтүөлээх артыыһа:
– 38 сыл буолан баран “Мааппа” киинэбит иккистээн эргиллибититтэн олус үөрэ сылдьабын. “Хаһан эмэ, ким эрэ уус-уран киинэни устуоҕа” диэн бигэ эрэллээх этим.
38 сыл анараа өттүгэр Алексей Семенович дипломнай үлэтин – “Мааппа” киинэни Свердловскайдааҕы устуудьуйа хамаандатын кытары оҥорон таһаарбыта. Билигин санаатахпытына, Дима Михайловтыын уонна Саха тыйаатырын эдэр артыыстарын кытары бу киинэҕэ уһуллан, саха көрөөччүлэригэр сэргэхсийиини таһаарбыт эбиппит. Номох бэйэтин да аналынан, “Мааппа” күн бүгүҥҥэ диэри уостан уоска кэпсэнэн кэллэ. Ааҕан баран төһөлөөх куттанар этибитий? Мин оҕо сылдьан остуоруйаһыт этим, онон ити кэпсээни уларытан-тэлэритэн оҕолорго кэпсээбит буолуохпун сөп дии саныыбын.
Саҥа киинэ аата атын, сценарийа интэриэһинэйдик оҥоһуллубут. Сүрүн дьоруой быһылааҥҥа түбэһэн, бүтэһигэр “баран” хаалаахтаата. Номох номоҕунан, ол эрэн “Мааппа” да, “Хаар куйаар номохторо” да олус дириҥ ис хоһоонноохтор. Бу киинэҕэ саха сиэрэ-туома, саха сэмэй таптала көрдөрүллүбүтэ олус үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ, оҕолорбут, сиэннэрбит өбүгэ үгэстэрин, сиэрин-туомун куруук тутуһа сылдьалларыгар үөрэтэ сатыыбыт. Сыыһа-халты туттуу, айылҕаны утары барыы сыыһата бу киинэҕэ дьэҥкэтик көрдөрүллэр. “Мааппа” киинэҕэ Мааппа барахсан бу сиргэ кэлбит киһи хайаан да олоҕор суол хаалларыахтаах, оҕо төрөтүөхтээх, мас үүннэриэхтээх, олоххо туох эрэ ситиһиилээх буолуохтаах диэн санаатын этэр баҕаттан, бараары туран оһох сыбаҕар илиитин суолун хаалларарын киинэ саамай күүстээх санаата дии саныыбын.
Үөрэрим диэн, “Хаар куйаар номохторо” киинэни дьон иккистээн-үһүстээн көрөллөр эбит, оттон көрбөтөх дьон урукку “Мааппаны” хат көрөллөр эбит. Онон сылыктаатахха, көрөөччү интэриэһэ улааппыт.
Киинэни көрө илик дьон киинэҕэ сылдьыҥ, сыаналааҥ, санааҕытын үллэстиҥ диэн баҕа санаабын тириэрдэбин.
Бүгүн Бүлүүгэ Оһуокай иккис күнэ тэтимнээхтик саҕаланна. Ньурбаттан,Үөһээ Бүлүүттэн отуттан тахса этээччи эбии кэллилэр. Кинилэр…
Саха сирин үгүс тэрилтэлэрэ анал байыаннай дьайыыга гуманитарнай көмө хомуйан, маскировочнай сиэккэлэри баайан, о.д.а. бэйэлэрин…
Дьокуускайга учаастактааҕы полиция үлэһиттэрэ рейдэ кэмигэр сокуоннайа суох арыгыны атыылааһын түөрт түбэлтэтин арыйдылар. Ол курдук,…
Саха сирэ Уһук Илин да, Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр да айар-тутар салаалары сайыннарыыга биир бастыҥынан биллэр. Биһиги…
Саха сирин олохтоохторо тыйыс тымныылары этэҥҥэ туораары этинэн хааччыналлар, сүөһү-ас иитэр өттө идэһэлэнэр. Ол эрээри…
Саха сиригэр суукка иһигэр уопсайа 3 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата…