Салгыы
Хаар-муус уораҕайга «Географическай дьыктааны» суруйдулар

Хаар-муус уораҕайга «Географическай дьыктааны» суруйдулар

20.11.2023, 13:34
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 19 күнүгэр «Царство вечной мерзлоты» туристическай комплекска — сылы эргиччи  8-10 кыраадыстаах  тымныы хаар-муус уораҕайга «Географическай дьыктааны» аан бастаан суруйдулар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Ол курдук, манна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, Бүтүн Арассыыйатааҕы география олимпиадатын араас сыллааҕы 5 лауреата, дьыктааны тэрийээччи Михаил Черосов, уо.д.а. дьыктааны суруйдулар.

Саха сиригэр барыта 36 улууска 531 былаһааккаҕа «Географическай дьыктааны» суруйдулар. Саамай элбэх былаһаакка Дьокуускайга (96), Мииринэй оройуонугар (30) уонна Уус Алдаҥҥа (23) үлэлээтилэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ «Географическай дьыктааны» тэрийээччинэн үөрэх министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Үөрэҕириини сайыннарыы уонна квалификацияны үрдэтии института буолар.

Сыллата Саха сиригэр 10 тыһыынчаттан тахса киһи «Географическай дьыктааны» суруйар. Онон Саха сирэ дьыктааны суруйууга  куруук биэс саамай  маассабай эрэгийиэн иһигэр киирэр. Онтон кыттааччы ахсаанын нэһилиэнньэ ахсааныгар тэҥниир буоллахха, Арассыыйаҕа лиидэр буолар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: