Хаартыска: СИА
Баһылайап күнүгэр, тохсунньу 14 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара үгүс оройуоннарынан хаар түһэрин, күнүс -32…-37° диэри тымныйарын билгэлииллэр.
Киин улуустарынан, соҕуруу, сорох сиринэн хотугулуу-илин оройуоннарынан хаардыыр, күнүс арҕаа оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан УГМС саайта суруйар.
Салгын температурата түүн -33-38°С, былыта суох буоллаҕына -38-43°С, хотугулуу-илин, хотугулуу-арҕаа -43-48°С, күнүс -32-37°С, соҕуруу -29-34°С, арҕаа -22-27°С, соҕуруулуу-арҕаа -16-21°С, хотугулуу-илин -41-46°С кыраадыс тымныйар.
Арктика кытылынан былыттаах, сорох сиринэн хаар түһэр, тибиилээх, сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх тыаллаах, Анаабыр, Булун улуустарынан сөкүүндэҕэ 15-20 м. түргэннээх тыаллаах. Салгын температурата түүн -35-40°С, былыта суох буоллаҕына -48-53°С, күнүс -30-35°С, Усуйаанаҕа -43-48°С кыраадыс тымныы.
Дьокуускайга хаар түһэр, күнүс сөҥүүтэ суох, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-5 м. түргэннээх тыаллаах. Салгын температурата түүн -35-37°С, күнүс -34-36°С кыраадыс тымныы.
От ыйын 8 күнүгэр Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман Дьокуускайдааҕы епархия тылбаас отделын үлэтин мунньаҕын…
От ыйын 9 күнүгэр киэһэ хойут Саха сирин быыһааччылара тыаҕa муммут 85 саастаах киһини көрдүү…
Хаҥалас улууһун борокуратууратын бэрэбиэркэтин түмүгэр, улуус дьаһалтата бэдэрээччиккэ успуорт былаһааккатын тутууга аспаал-бетон бүрүөһүнүн тэлгээһин уонна…
От ыйын 9 күнүгэр Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар 9 суол саахала бэлиэтэннэ, онтон бииригэр биир киһи…
Саха сиригэр сир аһын маассабайдык хомуйуу болдьоҕо бигэргэннэ. Ол курдук, от ыйын 10 күнүттэн хас…
Сэрэдэҕэ, от ыйын 9 күнүгэр, Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ…