Хаарбах дьиэлэри саҥалар солбуйдулар
Бу сааскыттан саҕалаан Дьокуускай куорат 17-с кыбартаалын олохтоохторо сабыс-саҥа, аныгылыы оҥоһуулаах “Звезднай” микро-оройуоҥҥа көһүүлэрэ саҕаламмыта. 50-ча сылы быһа икки мэндиэмэннээх мас дьиэҕэ олорбут Светлана В. эмиэ саҥа дьиэ күлүүһүн тутан, “Звезднай” олохтооҕунан буолла. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 1100-тэн тахсан дьиэ саахалланар туруктаах.
17 кыбартаалтан – “Звезднайга”
Дьокуускай куоракка саамай элбэх хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэрдээх оройуонунан 17-с кыбартаал буолар. Бу манна баһыйар үгүс өттө 40-50 сыл анараа өттүгэр тутуллубут икки мэндиэмэннээх, толору хааччыллыыта суох мас дьиэлэр. Онон, 2021 сылтан тутуллар “Звезднай” микро-оройуон бастакы олохтоохторунан үгүстэринэн хастыы да сылынан көһөллөрүн кэтэһэн олорбут 17-с кыбартаал олохтоохторо буоллулар. Бырайыак быһыытынан туһааннаах оройуоҥҥа элбэх кыбартыыралаах 30 дьиэ тутуллан, уопсайа 11 тыһыынча киһи олоруохтаах. Быйылгыттан 315 миэстэлээх оҕо уһуйаанын, 990 миэстэлээх оскуоланы, симиэнэҕэ 600 киһи сылдьар кыахтаах поликлиниканы тутуу саҕаланна. Маны таһынан, сабыылаах хаҥкылыыр сир тутуллара күүтүллэр.
17 кыбартаал олохтооҕо Светлана В. Дальнай уулуссаҕа баар дьиэтэ 2016 сыллаахха саахалланар туруктааҕынан ааҕыллан, көһөрүү бырагырааматын иккис түһүмэҕэр түбэспитэ. Инньэ гынан, дьэ быйыл саас саҥа дьиэҕэ киирэн малааһыннаата.
50 дьиэ олохтоохторо саҥаҕа көһүөхтэрэ
Дьокуускай куорат Уһук Илин эрэгийиэннэргэ олорор дьиэлэри тутуутунан инники күөҥҥэ иһэр. Кэлиҥҥи биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 2,7 мөлүйүөн кв м дьиэ тутуллубут, 26 тыһыынчаттан тахса киһи саҥа дьиэлэммит. Ил Дархан Айсен Николаев РФ Аҕа баһылыга Владимир Путин Уһук Илин эрэгийиэннэрин куораттарын сайдыытыгар улахан мунньаҕын кэмигэр иһитиннэрбитинэн, быйыл Саха сиригэр 2017 сылга диэри хаарбах дьиэлэр ахсааннарыгар киирбит тутуулары көһөрүү түмүктэниэхтээх. Ол да буоллар, Дьокуускайга билигин да 1178 элбэх кыбартыыралаах дьиэни көһөрүү былаана турар.
“Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин 2023-2027 сылларга олорор дьиэнэн хааччыйыы” муниципальнай бырагыраама иитинэн, туһааннаах сылларга 50 дьиэни көһөрүү былаана турар. Ол иһигэр Пионерскай уул.13, Жорницкай уул. 19, 21, К. Алексеев уул. 8/1, Ново-Карьернай уул. 27/2, Рыдзинскай уул. 15, Верхоянскай уул.19, Мархаҕа Мархинскай уул. 46, Кухто уул.15, Борисовка-2 микро-оройуон 1, Борисовка-1 микро-оройуон 3, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул. 2,
Р. Зорге уул. 13/1, П. Алексеев уул. 95/1, Лонгинов уул. 29/3,9, Сэргэлээх уул. 12, Бестужев-Марлинскай уул. 62, 36/1, Чепалов уул. 5, Гагарин уул. 4, 2, 6, Циолковскай уул. 3, 5, Автодорожнай уул. 28/5, 4 д, 8/3, 8/5, Билибин уул. 46/5, З. Космодемьянская уул. 2/1, К.Цеткин уул. 5, Космонавтар уул. 17, Кузьмин уул. 15/2, Лермонтов уул. 30, Ломоносов уул. 102/2, Макаренко 5, Можайскай уул. 60/11, 60/4, Некрасов уул. 4/2, Очиченко уул. 20, Парковай уул. 31, Пионерскай уул. 21, С. Данилов уул. 14/1, Ф. Попов уул. 7/5, Шавкунов уул. 74, Якутскай уул. 49, 51, Ярославскай уул. 45, Ильменскэй уул. 25 дьиэлэриттэн олохтоохтор көһөрүллүөхтэрэ.
Муниципальнай бырагыраама түөрт сыллаах, үбүлээһин кээмэйэ 3,5 млрд солкуобай.
Улахан куораттарга
Билиҥҥи туругунан Дьокуускай кэнниттэн саамай элбэх хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэрдээх оройуоннарынан Ленскэй, Алдан итиэннэ арктическай улуустар буолаллар.
Ленскэй куоракка “Оробуочай” диэн саҥа кыбартаалга хастыы да мэндиэмэннээх түөрт таас дьиэ тутулла турар. Сыл бүтүөр диэри икки дьиэ номнуо үлэҕэ киллэриллэн, 199 кыбартыыраҕа олохтоохтор көһүөхтээхтэр. Өссө икки тоҕус мэндиэмэннээх дьиэ эһиил тутуллуохтаах. Ил Дархан Айсен Николаев атырдьах ыйыгар Ленскэйгэ оробуочай сырыытын кэмигэр анаан-минээн «Оробуочай» кыбартаалга сылдьан, тутуу хаамыытын, хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээн, дьиэлэр тиэргэннэригэр дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйа тэриллибитин бэлиэтээбитэ. Автостоянкалары тэҥэ аныгы матырыйаалтан дьиэ кэргэн сынньанарыгар анаан фонтаннаах былаһааккалар оҥоһуллубуттарын көрөн, Ил Дархан туһааннаах уопуту атын улуустарга тарҕатарга эппитэ.
“2019-2025 сылларга саахалланар туруктаах дьиэлэртэн гражданнары көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраамаҕа Ленскэй оройуонун уопсайа 122 080,80 кв. м иэннээх элбэх кыбартыыралаах 219 дьиэ киллэриллибит. Бу дьиэлэр 2012 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн саахалланар туруктааҕынан ааҕыллыбыттар. Бүгүҥҥү туругунан оройуоҥҥа 3,2 тыһыынча киһи саҥа кыбартыыра күлүүһүн туппут.
Алдан оройуонугар “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак үлэлиэҕиттэн номнуо 94,3 тыһ.
кв м иэннээх дьиэттэн 4 540 киһи көһөрүллүбүт. 2019-2022 сылларга оройуоҥҥа элбэх кыбартыыралаах 20 дьиэ тутуллубут. Бүгүҥҥү туругунан Томмокко 200-тэн тахса дьиэ саахалланар туруктаах. Бу дьиэлэртэн дьону 2025 сыл бүтүүтүгэр диэри көһөрүү соруга турар.
Хоту улуустарга
Арктика, хоту улуустарыгар олорор дьиэни тутуу үлэтэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллар. Тутуу матырыйаалын тиэйии-таһыы үлэтэ ыарахаттардааҕын, сыаната да балачча үрдүгүн таһынан, судаарыстыбаннай бырагыраамалар көмөлөрүнэн хаарбах туруктаахтары саҥа дьиэлэр солбуйан эрэллэр. Абый улууһун киинигэр “2019-2025 сылларга саахалланар туруктаах дьиэлэртэн гражданнары көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраамаҕа олоҕуран 13 кыбартыыралаах дьиэ тутулла турар. Тутааччы «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствота» ПАУо. Маны таһынан, бөһүөлэккэ аадырыстаах бырагырааманан 16 кыбартыыралаах иккис дьиэ киирэрэ былааннанар. Абыйга балачча элбэх хаарбах туруктаах дьиэ көтүрүллэр. Дьон саҥа дьиэҕэ көһөр эбэтэр харчынан боруостааһын ылар.
“2019-2025 сылларга саахалланар туруктаах дьиэлэртэн гражданнары көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраамаҕа Абый оройуонугар 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбаҕынан билиммит 13,6 кв. м. иэннээх 27 элбэх кыбартыыралаах дьиэ киирбит. Билигин барыта 2,8 тыһыынча кв. м 121 киһи көспүт.
“2019-2022 сылларга саахалланар туруктаах дьиэлэртэн гражданнары көһөрүү” бырагыраама иитинэн, 2012 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саахалланар туруктаахтарынан ааҕыллыбыт дьиэлэртэн 25,7 тыһыынча киһи өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн көһөрүллүбүт.
Кыра нэһилиэктэргэ
Өрөспүүбүлүкэ кыра нэһилиэктэригэр эмиэ көһөрүү бырагыраамата былааннаахтык ыытыллар. Мэҥэ Хаҥалас улууһун 500-тэн тахса нэһилиэнньэлээх Хочо сэлиэнньэтигэр үс мэндиэмэннээх 23 кыбартыыралаах таас дьиэ тутуллан, силигэ ситэн эрэр. Билигин дьиэ таһынааҕы тиэргэнин тупсарыы, суолларын-иистэрин оҥоруу үлэтэ ыытылла турар.
Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата үлэлиэҕиттэн улууска 600 ыал 19 саҥа дьиэҕэ көһөн киирбит. Билигин өссө 10 дьиэ тутуллар.
Оттон бу кыһын Нам улууһун Бастакы Хомустааҕар көһөрүү бырагырааматынан толору хааччыллыылаах, 20 кыбартыыралаах 3 мэндиэмэннээх таас дьиэ үлэҕэ киирбит. Тутууну Алексей Пинигин салайааччылаах «Прогресс» ХЭУо ыытан, туһааннаах тэрилтэ аҥаардас бу нэһилиэккэ төрдүс дьиэтинэн буолбута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: