Салгыы
Хаарбах дьиэттэн көһөрүү күүскэ барар

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү күүскэ барар

08.06.2023, 15:14
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн таһаарарыгар биир сүрүн боппуруоһунан хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү буолла. Норуот дьокутааттара  дакылаат кэнниттэн бу боппуруоска чопчулуур ыйытыылары биэрдилэр.

Ааспыт биэс сылга Саха сиригэр 2,4 мөлүйүөн кв.м тахса  иэннээх олорор дьиэ үлэҕэ киирбитин, өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥэ иккис миэстэҕэ сылдьарын Айсен Николаев эттэ.
«Бүгүн биһиги хаарбах дьиэттэн көһөрүү курдук сытыы балаһыанньаны көннөрө сылдьабыт. 600 тыһыынчаттан тахса кв.м. аварийнай пуонда суох оҥоһулунна, 25 тыһыынча киһи саҥа дьиэҕэ көстө. Сэбиэскэй сойуус ыһыллыбытын кэннэ аан бастаан Арктикаҕа дьиэни тутуу саҕаланна, ол иһигэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү барар», –диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Саха сирэ аан бастакынан ити сыалга инфраструктурнай бүддьүөт кирэдьиитин ылла. Ол курдук Дьокуускай куорат иһигэр «Спортивнай» уонна «Звезднай» микрооройуоннары, Нерюнгрига «Р» кыбартаалы тутуу саҕаланна.

Национальнай бырайыактарынан уонна атын даҕаны бырайыактарынан Саха сиригэр тупсарыы үлэтэ күүскэ барар.

«Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннара дойду Бэрэсидьиэнин көрүүтүгэр киириэхтэрэ. Куораттар маастар-былааннарын өйөөһүн, биллэн турар, бүддьүөттэн да, тастан да үбүлээһини эрэйиэхтэрэ, ол судаарыстыба баһылыгын сорудаҕынан куораппыт сайдыытыгар туһуланыа», – диэтэ Айсен Николаев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: