Салгыы
Хаарбах дьиэттэн — саҥаҕа

Хаарбах дьиэттэн — саҥаҕа

Ааптар:
17.07.2023, 11:00
Хаартыска Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга гражданнары хаарбах туруктаах олорор дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата ситиһиилээхтик үлэлиир.

Олорор дьиэ сыһыаннаһыыларын департаменын дириэктэрин солбуйааччы Вадим Семенов иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куорат дьаһалтата хаарбах туруктаах дьиэни аҕыйатыыга улахан үлэни ыытар. Муниципальнай бырагырааманан 17-с түөлбэҕэ Жорницкай уул. 19 уонна 21, Пионерскай 13-гэр элбэх кыбартыыралаах үс дьиэттэн дьон көспүт. Жорницкай 19 нүөмэригэр икки мэндиэмэннээх мас дьиэҕэ олорбут Зоя Антонова муниципальнай бырагырааманан Свердлов 18-гар икки хостоох кыбартыыра күлүүһүн туппут.

«Биһиги хаарбах туруктаах дьиэҕэ үс хостоох кыбартыырабыт бастакы этээскэ баара уонна кыһын наһаа тымныы этэ. Толору хааччыллыыта суоҕа. Быйыл муус устарга Свердлов уул.18 нүөмэригэр икки хостоох толору хааччыллыылаах кыбартыыра күлүүһүн туппуппут», — диэн кэпсиир Зоя Петровна. Антоновтар икки оҕолоохтор. Улахан кыыс Анжелика тохсус кылаас үөрэнээччитэ, кыра уоллара иккис кылааска киирбит. Ыал аҕа баһылыга «Саюрига» үлэлиир.

Муниципальнай бырагырааманы таһынан, Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан билигин 162 хаарбах туруктаах элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн көһөрүүгэ үлэ ыытыллар, итинтэн көһөрүллүбүтэ көтүрүллүүтэ 60-тан тахса. Куорат сорох олохтоохторо «Звезднай» түөлбэҕэ саҥа кыбартыыраҕа күлүүстэри туппуттар, оттон сотору кэминэн Кузьмин уулуссатыгар элбэх кыбартыыралаах биир дьиэ үлэҕэ киириэхтээх.

Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 января
  • -50°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: