Сандал сааһы көрсө Дьокуускайдааҕы »Смарт» бибилэтиэкэҕэ маастар Хаарчаана Баппаҕай уонна кини үөрэнээччилэрин куукулаларын быыстапката аһылынна. Саха кыргыттара олус да талааннаахтар, кэрэни кэрэхсээн, үксэтэр кыахтаахтар! Кинилэр талааннара үксүн оҕолонон олорон, бэйэни көрдөнүүттэн, арыллыыттан саҕаланар эбит.
Хаарчаана бастакы оҕотун оҕолонон олорон, тоҕус сыллааҕыта аан бастаан куукула оҥорон саҕалаабыт. Кини сурунаалга аан дойдуга аатырбыт маастар туһунан ааҕан, оҥоһуктарын көрөн баран, бэйэтэ куукула оҥоруон олус баҕаран кэлбит.
Хаарчаана бэйэтэ үөрэнэн, куукула оҥорор буолбут. ‘‘Куукула оҥорооччулар бары оҕо курдук олус элэккэйдэр, аһаҕастар, ыйыттахха, барытын кэпсээн биэрэллэр, кистээбэттэр, онон куйаар ситиминэн кинилэри кытта алтыһан, оҥоһуктарын көрөн, элбэх быыстапкаларга сылдьан, үөрэммитим», — диир Хаарчаана.
Кини оҥоһуктара тыыннаах курдуктар, киһи майгытын, иэйиитин көрдөрөллөр, куукула баттаҕын, таҥаһын ымпыгын-чымпыгын олус сиһилии оҥорор. Ол да иһин оҥоһуктара дьон болҕомтотун тардаллар, аан дойдутааҕы куонкурустарга бастаабыттара, миэстэлэспиттэрэ. Биир уратыта диэн, саха остуоруйаларын, үһүйээннэрин дьоруойдарын оҥорон, илэ тилиннэртиирэ кэрэхсэбиллээх.
Кини ордук дьон мэтириэтин оҥорорун сөбүлүүр. Холобур, быыстапкаҕа булчут аҕатын, улахан кыыһын, ытыы турар кыракый уолун оҥорбута бааллар. Булчут таҥаһа бүтүннүү түүлээхтэн тигиллибит, үрүҥ көмүстэн ачыкылаах, ох саалаах, туут хайыһардаах.
Талааннаах маастар кэнники кэмҥэ атын матырыйаалга, холобур, боруонсаҕа, фарфорга көһөн, скульптураны оҥорон, холонон көрүөн баҕарар.
Быыстапкаҕа кини тоҕус үөрэнээччитин оҥоһуктара турбуттар. Манна бааллар: ыһыахха баран иһэр аттаах кыргыттар, Аргентина бостууга, пират, гвардеец, мексиканка, эбэҥки уола, чукча кыыһа, Джокер, Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор, эльф, муора принцессата, русалка, кытай барабанщига, балерина, о.д.а. Остуоруйа дьоруойдара илэ тиллэн кэлбит курдуктар. Ол иһин оҕолор олус сөбүлээн көрөллөр.
‘‘Бары миэхэ биирдик үөрэммиттэрэ эрээри, маастардар тус-туспа буочардаахтар, олохторо туспа устуоруйалаах, онон оҥоһуктара эмиэ ураты, бэйэлэрэ туспа майгылаах, устуоруйалаах буолаллар, ол иһин быыстапканы «Куукула устуоруйата» диэн ааттаатыбыт», — диэн Хаарчаана этэр.
Быыстапканы бу ый бүтүөр диэри »Смарт» бибилэтиэкэҕэ баран көрүөххэ сөп.
Бүгүн "Үлэ кыбартаала" креативнай кластерга ыытыллыбыт “Цифровой алмаз” III федеральнай пуорум бастакы күнүгэр дойду араас…
“Цифровой алмаз” III федеральнай пуорум бастакы күнэ Саха сирэ уонна Запорожье уобалаһын айар кэлэктииптэрин холбоһуктаах…
Мин 1965 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Госплемстанция Төҥүлүтээҕи филиалыгар Мэҥэ Ханалас оройуонугар селекционер-зоотехнигынан үлэлии киирбитим.…
Коронавируһу утары охсуһар федеральнай суһал ыстаап чахчытынан, ааспыт нэдиэлэҕэ Арассыыйаҕа 22 398 киһи ыалдьыбыт. Оттон…
Пригород сэлиэнньэтин дьахталларын түмсүүтэ 2022 сыллаахха дьаһалта исписэлииһин Лена Флегонтова көҕүлээһинэн тэриллибитэ. Салайааччынан Чэмэлиинэ Скрябина…
Дьокуускайга Хомсомуол болуоссатыгар сэтинньи 15-17 күннэригэр сылын ахсын ыытыллар "Идэhэ" дьаарбаҥка буолуоҕа. Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, атыылаһааччыларга…