«Хаарчаана уонна Уот Уола» -– киһи көрөн баран, умнар туруоруута буолбатах

Share

Ахсынньы, тохсунньу алыптаах күннэригэр киһи эрэ барыта остуоруйа ааҕар. Саҥа үүнэр сылтан тугу эрэ кэрэни, сырдыгы күүтэҕин, түүн үөһэ ыра, баҕа санаа этиллэр, ол барыта хайаан да туоларыгар эрэнэҕин.

Дьиримниир уоттардаах харыйа оҕо сааска эргитэр, хаһан эрэ ийэлээх-аҕаҕыттан, эһээлээх-эбээҕиттэн туппут дьэрэкээн бэлэхтэриҥ хараххар бу баардыы көстөн ааһаллар. Бэл, ол таҥас мөһөөччүк иһигэр кэмпиэт быыһыгар сылдьар биир дьаабылакаҥ минньигэс да минньигэс сыта муннугар бу биллэн ааһарга дылы…
Ким билэрий, Эһээ Дьыл сиэнэ кыысчаан, Саҥа Дьыл аргыһа Хаарчаана хантан төрөөн-үөскээн кэлбитин? Кини өрүү бу курдук аламаҕай этэ дуо?
Дьэ, бу таабырыҥҥа хоруйдаан, бу күннэргэ режиссердар, сценаристар дэгиттэр талааннаах кыргыттарбыт Любовь Готовцева уонна Варя Максима бу томороон тымныы тыынын уҕарытан, дьон-сэргэ сүргэтин көтөҕөн, киэҥ сыанаҕа «Хаарчаана уонна Уот Уола» диэн остуоруйа-номоҕу туруоран үөртүлэр.
Чымаан хайа таас дьааҥытыгар ордууланан олорор муус сүрэхтээх Хаарчаана муус кыаһааннары лыҥкынатан, намыын ырыатынан доҕуһуоллатан тумарык быыһыттан тиийэн кэллэ. Хаары, көмүрүөнү күөрчэхтии ытыйан, оҕолор үҥкүүлээн, норуокка биллэр «Тус хоту», «Дьүкээбилим», «Туундара» ырыалар ыллананнар, дойдубут ураты кэрэ, чэбдик айылҕатын тыына олохтонно. Хоту дойду Хотуна Хаарчаана — кини бэйэлээх тоҥуй хараҕынан одуулаан, ыыс быдааны тэнитэн, сыанаттан уораан аргыйда. Бу курдук итэҕэтиилээхтик Хаарчаананы Паулина Турмэль диэн айар-тутар эйгэҕэ ураты ааты ылыммыт кэрэ кыыспыт оонньоото.
Күнэ суох олохтон салгыбыт, тыйыттар тымныыттан тутулуктанан тыйыс айылҕаны кытары мускуллар саха дьоно удаҕаны ааттаһан, Хатан Тэмиэрийэҕэ тиийэн күөх сайыны олохтуох Уот Уолун ыытарыгар көрдөһүннэрдилэр. Олоҥхо тыйаатырын артыыската Анастасия Алексеева удаҕан тыынын, сахалыы тылын-өһүн, туомун илдьэ сылдьан, ол эрэн бэрт аныгылыы киэптээн сэргэх, киһи дьулайбат уобараһын биэрдэ. Арай сыанаҕа кутаа уот күүдэпчилэнэ түстэ, ол кыымын суоһуттан сылаас эйгэ үөскээтэ. Саха дьоно уот иччитигэр сүгүрүйдүлэр.

Ытык Уус оруолун Бүөккэ Бөтүрүөп оонньоото, кини Уот Уола орто туруу дойдуга ананан кэлэр аартыгын арыйан, олус истиҥ алгыс тэҥэ ырыаны толордо, көрөөччүлэр ытыстарын тыаһа хабылла түстэ. Бүөккэ Бөтүрүөп тыла-өһө чөллөрүйэн, түспэтийэн, дыраама бэрт кэрэхсэнэр улахан артыыһын быһыытынан арылынна.
Сыанаҕа тэнийбит сарыал кыымын ортотуттан кыыс нарын олус ис киирбэх кыаһаан дьүһүннээх Уот Уола күөлэһийэн түстэ. Бэрт тэтимнээх дорҕоон доҕуһуолун кытары уолбут үтүө киһи буолан, үс төгүл курданна — кып-кыра уолчаантан бу кылгас кэмҥэ уолан бэрдэ буолан турда. Салгымтыата суох аныгылыы үҥкүүлээн-битийэн, хамсанан былчыҥнарынан оонньоото, уоттаах харахтарынан тобулута көрүөлээтэ. Уот Уолун оруолун Иннокентий Томскай олус долгутуулаахтык оонньоото.
Дьэ, доҕоттоор, уолбут оту-маһы тардыалыы сылдьар, оргуйар хааннаах буолан хоонньугар сытыарар холооннооҕун орто дойду кэрэлэрин ортотуттан булбата… Сэрэйдэххит буолуо? Кини биирдэ көрөөт аналлааҕын биллэ — хоту дойду Хотуна Хаарчаана эрэ кини уорун-уоҕун уҕарытыах эбит, оттон кини Хаарчаана муус сүрэҕин истиҥ тапталынан уулларан, ириэрэн тас кэрэтин ис кэрэтинэн ситэриэ!
Үйэлээх тапталга талаһыы, олох моһуоктарын туорааһын — бу барыта кэрэ остуоруйа буолан тиһиллибит.
Тус бэйэм остуоруйа сахабыт тылын сүмэтин илдьэ сылдьарын, өй-сүрэх мөккүөрүн, сырдык-хараҥа хапсыһыытын, сиэри-туому, норуот ырыатын-тойугун, көлүөнэлэр ситимнэрин илдьэ сылдьарын сэргээтим. Ол курдук, уостан түспэт сахалыы ырыалары аныгы артыыстарбыт толорон үгүс дьону үөртүлэр. Аныгылыы уот-күөс, үҥкүү-битии, тыас-уус бэркэ дьүөрэлэһэн ураты алыптаах эйгэни үөскэттэ. Аны таҥастара-саптара, үҥкүүлэр остуоруйа тылыгар-өһүгэр олус сөп түбэһэн туруоруллубуттар. Көр-күлүү эрээри Уот Уола өлбүт түгэнэ, Хаарчаана хараастан-курутуйан ытыыра олус да уйадытта, олус да итэҕэтиилээхтик табылынна. Биир бэйэм ыгылыйа саныыбын: дьэ, хайдах тилиннэрэллэр, туруоруубут да тиһэҕэ буолан эрэр дии, дьэ, хайдах салгыы остуоруйабыт салаллар диибин. Таптал тугу кыайбатаҕа баарай! Уолбут уһуктан, көрөөччүлэр өрө тыынныбыт ээ.
Бу остуоруйа көр-күлүү эрэ курдук буолбакка, үөрэтэр-иитэр суолталааҕа үөрдэр. Күдээринэ киһи биирдэ эрэ тыбыыран күлэн баран умнар туруоруута буолбатах. Бу остуоруйа оҕолорго туспа кинигэ, комикс, ойуулук буолуон сөп эбит дии санаатым.

Дьэ, кырдьык да, саха сатаабатаҕа суох — артыыстарбыт, ырыаһыттарбыт эргиччи талааннаахтарыттан киэн туттан, сөҕөн-махтайан, ардыгар ымсыыран да ыллым. Туспа махталы Айгылааҥҥа этиэм этэ — кини Үрүҥ Суору олус көрүдьүөстүк толордо.
Остуоруйа мусукаалынай испэктээк диэн, ол эрэн бэртээхэй, таһымнаах мюзикл тахсыбыт. Олус сэргэх, соһуччу дьону күллэрэр көрүдьүөстэрдээх. Киһини күллэрэр олус уустук ээ, дьиҥэр. Остуоруйаҕа этиллибит сорох тыл-өс норуот уоһугар иҥэрэ буолуо дии санаатым. Ол курдук, соһуччу кыым курдук күлүүлээх түгэннэри бэлэхтээтилэр. Онон бу эдэр туруорааччыларбыт Любовь Готовцева уонна Варя Максима үрдүк таһымнаахтарын өссө төгүл бигэргэттилэр.

Улуустарбытыгар баар кэрэ дыбарыастар уораҕайдарыгар бу остуоруйа салҕаныа диэн эрэнэбин. Остуоруйаттан дуоһуйууну ылан күүстээх, кыахтаах, эрчимнээх, тулуурдаах, дьулуурдаах буолуоҕуҥ. Күөгэл-нусхал буолуохтун!

Антонина УСКЕЕВА

What’s your Reaction?
+1
25
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

27 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

56 минут ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

1 час ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

4 часа ago