ХААРТЫСКА: Доллуга түмсүүлээх муҥха буолан ааста

Share

Сэтинньи 9 күнүгэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Доллу учаастагар үгэс буолбут күһүҥҥү муҥха буолан ааста. Тэрээһин саха сиэрин-туомун толору тутуһан, аал уоту оттон, Байанайы алаадьынан күндүлээһинтэн уонна арчылыыр алгыстан саҕаланна, диэн «Эркээйи» хаһыат суруйар.

Бу күн Доллу күөлүгэр олохтоохтор оҕо-аймахтыын 30-ча буолан кытыннылар. Улахан дьону кытта тэҥҥэ үүнэр көлүөнэ ыччаттар үлэлээн, ойбон мууһун ыраастаатылар, балык кутар сири бэлэмнээтилэр. Улахан дьон үүнэр көлүөнэни өбүгэ үгэһигэр бэйэлэрин холобурдарынан уһуйаллара – бу муҥха сүрүн сыаннаһа буолла.

Муҥханы Бэрдьигэстээх олохтооҕо, күөл хаһаайына Николай Плотников тэрийэн ыытта. Тэрээһиҥҥэ ыаллыы Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтиттэн Дмитрий Сидоров уонна Александра Брызгалова кэлэн кыттыыны ыллылар.

Мустубут дьон-сэргэ ирэ-хоро кэпсэтэн, айылҕаҕа сынньанан, санаалара көтөҕүлүннэ. Күөх Боллох күндүтэ, көмүс хатырыктаах собото хойуутук түбэһэн, балыксыттар илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар.

Кыттааччылар ити курдук түмсүүлээх, үгэһи тутуһар тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт Николай Плотниковка уонна Доллу олохтоохторугар истиҥ махталларын тириэрдэллэр. Бу курдук тэрээһиннэр нэһилиэк олоҕун сэргэхситэллэр, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөллөр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Азербайджан сүүмэрдэммит хамаандатын лидера Коркин турнирыгар тустуоҕа

20 саастарыгар диэри тустууктарга аан дойду бастыыр иһин күрэхтэһиитин боруонса призера, 23 саастарыгар диэри Европа…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха дуобатчыттара аан дойду чөмпүйэнээтигэр ситиһиилэннилэр

Саха сирин дуобатчыттара Турцияҕа буолбут аан дойду чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кытыннылар. Улахан ситиһии Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньыга биэнсийэ төлөбүрэ үрдүөҕэ

Бу сыл ахсынньытыгар, сэтинньигэ биэнсийэлэрэ үрдүүр быраабы ылбыт Арассыыйа гражданнарыгар төлөбүрдэрин саҥаттан хос ааҕыахтара (перерасчет).…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Дьокуускайга Национальнай кэнгириэс үлэтин саҕалаата

Сэтинньи 10 күнүгэр Дьокуускайга «Хотугу сиргэ экология уонна киһи доруобуйата» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы кыттыылаах…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Итирик сылдьан кыбартыыра иһиттэн тэлэбиисэр уорбут эр киһи сууттанна

Атырдьах ыйыгар Депутатскай бөһүөлэк олохтооҕо итирик сылдьан, ким да көрбөтүнэн туһанан, хатамматах ааннаах соҕотох олорор…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр өссө биир өрүс үрдүнэн кыһыҥҥы суол аһылынна

Үөһээ Бүлүү улууһугар Бүлүү өрүс мууһа туран,  «Үөһээ Бүлүү – Хоро» хайысханан өрүс үрдүнэн кыһыҥҥы…

2 часа ago