ХААРТЫСКА: «Эчи, мууһум суона да бэрт эбит…»

ХААРТЫСКА: «Эчи, мууһум суона да бэрт эбит…»

11.03.2024, 12:30
Хаартыска -- Иннокентий Протопопов түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу  сарсыарда «Тускул билгэтэ» бөлөххө биир дьикти хаартыска үгүс дьону соһутта.

Нам улууһун Көбөкөн олохтооҕо Иннокентий Протопопов сарсыарда тураат,  тэрээсэтин кырыыһатын муннугар бэрт улахан муус «үүнэн» турарын бэлиэтии көрбүтүн ыытта.

Иннокентий Протопоповка эрийэ сылдьыбыппар маннык кэпсээтэ:

54 сааһым тухары маннык улахан таммах мууһун саҥа көрдүм. Киһи соһуйуоҕа, ириэрии  буола илик эбээт. Сарсыарда тымныы, бэл, -40 кыраадыска тиийэр. Күнүс -20 кыраадыс тымныы. Күн сылааһа таммах тахсыар диэри итийэрэ билигин да ыраах быһыылаах. Эчи, мууһум суона да бэрт эбит…

Дьэ, кырдьык, таабырын — аҕыйах чаас иһигэр  дьыбар тахса түһэр кэмигэр бачча суон муус хайдах «үүммүтэ» буолла?…

+1
4
+1
1
+1
1
+1
1
+1
2
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: