ХААРТЫСКА: Маҥан чыычаах. Альбинос дуу, эмиэ да атын дуу?
Кэбээйи сэлиэнньэтигэр олорор дьүөгэм Ирина Т. олус интэриэһинэй чыычааҕы хаартыскаҕа түһэрэн ыытта. Үчүгэйкээн маҥан чыычаах соҕотох сукуллан олороохтуур. Альбинос диэн ону үрдүттэн быһаардыбыт. Оттон кэпсэтэн чуолкайдаспыппар, олох да соҕотох буолбатах эбит.
“Маҥан чыычаахтар бу саас үөрүнэн көтөн кэлбиттэр үһү. Оттон кэлбиттэрин курдук эмиэ эмискэ мэлис гыммыттар, арай бу биир соҕотоҕун хаалан хаалбыт. Маҥан чыычаах биир ыалы ыал оҥостон, кинилэр аттыларыгар сылдьар, ырааппат, атын чыычаахтары кытта үөрдүспэт үһү. Аһаталларын иһин дьиэтийбэтэр да, дьону син чугаһатар эбит. Аны кыһын хайдах буолаахтыыр”, — диэн дьүөгэм кэпсээтэ.
Айылҕаҕа маҥан кыыл-көтөр дэҥнэтэн да буоллар көстөр, оннуктары альбиностар диэн ааттыыллар. Оттон бу чыычааҕы альбинос диэҕи, кини соҕотох буолбатах, бэйэтин курдук маҥан чыычаахтары кытта көтөн кэлбит. Дьэ уонна аны кыһын хайдах кыстаары сылдьаахтыыр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: