Бэҕэһээ, ыам ыйын 8 күнүгэр, Таатта улууһун Уолба нэһилиэгэр Адаҕа диэн сиргэ уон кыталык кэлэн түһэн сынньанан, аһаан ааспыттар.
Бу сурах чахчытын билээри нэһилиэк баһылыга Александр Афанасьевич Винокуровка сибээскэ таҕыстыбыт:
— Адаҕа диэн бааһына сирэ баар. Олус кэрэ айылҕалаах сир. Бэҕэһээ, ыам ыйын 8 күнүгэр, сарсыарда буксуйан хаалбыт массыынаны соһо тиийэн баран бэйэм эмиэ батыллан хааллым. Инньэ гынан көмөҕө Александр Попову ыҥырбытым. Мин тиэхиньикэбин соһо кэлэн баран, кини кыталыктары бэлиэтии көрөр.
Биһиги тута үчүгэй фотоаппарааттаах Иван Трофимович Боппосовы ыҥырбыппыт. Онтон Ытык Күөлтэн Альберт Попов кэлэн түһэрбитэ. Дьон истиһэн кэлэн көрбүттэрэ, хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ. Кыталыктар ол тухары барбакка сырыттылар.
Айылҕа маанылаах оҕолоро Уолбаҕа урут да түһэн ааһар буолаллара. Түөрт сыллааҕыта Маанылаах диэн алааска 13 кыталык үс күн устата аһаан, сынньанан ааспыттара. Онон уйгулаах сирдээх Уолбабытыгар уон кыталык кэлэн тохтоон ааспыттара үчүгэйгэ буолуо дии саныыбын. Кыталык дьолго, үчүгэйгэ көстөр дииллэр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…