Хаартыскалар: Табаһыттар чөмпүйэнээттэрин бастакы күнэ хайдах ааста?
Нерюнгрига табаһыттар норуоттар икки ардыларынааҕы чөмпүйэнээттэрин бастакы күнэ хайдах ааспытын хаартыскаларынан кэпсиибит. 18 хамаандаттан 87 спортсмен аркааны быраҕыыга, наартаны ойууга күрэхтэстилэр. Бу күн дьыалабыай бырагырааматыгар Кытайтан, Монголияттан, Гренландияттан кэлбит бэрэстэбиитэллэр көхтөөх кыттыыны ыллылар, табаны иитии сүрүн кыһалҕаларын ырыттылар.
Саха сирин спортсменката Антонина Санникова икки төгүллээх призер буолла. Кини аркааны быраҕыыга иккис, наартаны ойууга үһүс буолла. Өссө биир спортсменкабыт Любовь Лаптева наартаны ойууга иккис миэстэни ылары ситистэ.
Дьыалабыай бырагыраама чэрчитинэн Ямало-Ненецкай автономнай уокурукка «Аан дойду табаһыттара» түмсүү илиҥҥи түмсүүтүн тэрийии туһунан кэпсэтии барда.
Күрэхтэһии биэс күн устата ыытыллар. Кыттааччылар эстафетаҕа, сыарҕалаах табанан сырсыыга, тыһы имитиигэ уо.д.а. күрэхтэһиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: