Хаартысканан кэпсиибит: Кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарга ас-үөл сыаната
СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин чахчыларынан, өрөспүүбүлүкэҕэ атырдьах ыйыгар сибиинньэ, куурусса этэ, үүнээйи арыыта, үүт, сымыыт, хаппыыста ортотунан 1%, саахар, бурдук, банаан, апельсин 2%, дьаабылыка, тушенка 3%, туус, мандарин 4%, хара чэй, бэримисиэл 6% үрдээбит.
Дьэ, онтон куорат кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарыгар сыана былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, төһө уларыйда? Бу күннэргэ ас-үөл сыанатын үөрэтэ таарыйа, Чернышевскай уулуссатын 66-гар баар баазаларга бара сырыттыбыт.
Бу баазаларга үлэ да күннэригэр куорат олохтоохторо хото сылдьаллар. Көннөрү маҕаһыыннардааҕар сыаналара арыый чэпчэки. Онон, дьон-сэргэ ыйдааҕы аһылыктарын олоччу атыылаһан бараллар. Маҕаһыын да ахсаана элбэх буолан, фруктатыттан саҕалаан этигэр-үүтүгэр тиийэ атыыланар.
Былырыын кыһын соһуччу үүнээйи арыытын, саахар сыаната үрдээн, үгүспүтүн соһуппута. Оннооҕор кууһунан атыылыыр баазаларга 1 лиитирэлээх “Золотая семечка” арыы 175 -180 солкуобайга тиийэ сылдьыбыт буоллаҕына, билигин 130 -135 солкуобайга атыыланар. “Санни-голд” 0,8 лиитирэлээҕэ 127 солкуобай.
50 киилэлээх “Беляевскай” бурдук 1850 солк., рис куруппа 25 киилэтэ – 2400 солк. баар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: