Хаартысканан кэпсиибит: Кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарга ас-үөл сыаната

Share

СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин  чахчыларынан, өрөспүүбүлүкэҕэ атырдьах ыйыгар сибиинньэ, куурусса этэ, үүнээйи арыыта, үүт, сымыыт,  хаппыыста ортотунан 1%, саахар, бурдук, банаан, апельсин 2%, дьаабылыка, тушенка 3%, туус, мандарин  4%, хара чэй, бэримисиэл 6% үрдээбит.

Дьэ, онтон куорат кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарыгар сыана  былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, төһө уларыйда? Бу күннэргэ ас-үөл сыанатын үөрэтэ таарыйа, Чернышевскай уулуссатын 66-гар баар баазаларга бара сырыттыбыт.

Бу баазаларга үлэ да күннэригэр куорат олохтоохторо хото сылдьаллар. Көннөрү маҕаһыыннардааҕар сыаналара арыый чэпчэки. Онон, дьон-сэргэ ыйдааҕы аһылыктарын  олоччу атыылаһан бараллар. Маҕаһыын да ахсаана элбэх буолан, фруктатыттан саҕалаан этигэр-үүтүгэр тиийэ атыыланар.

Былырыын кыһын соһуччу үүнээйи арыытын, саахар  сыаната үрдээн, үгүспүтүн соһуппута. Оннооҕор кууһунан атыылыыр баазаларга 1 лиитирэлээх “Золотая семечка” арыы 175 -180 солкуобайга тиийэ сылдьыбыт буоллаҕына, билигин 130 -135 солкуобайга атыыланар. “Санни-голд” 0,8 лиитирэлээҕэ 127 солкуобай.

50 киилэлээх “Беляевскай” бурдук 1850 солк., рис куруппа 25 киилэтэ – 2400 солк. баар.

Хартыска: Анивера Акимова
Хартыска: Анивера Акимова
Хартыска: Анивера Акимова
What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

2 минуты ago
  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

18 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

48 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago