Хаары түһэриигэ оҕо эчэйдэ

Share

SakhaDay сайт иһитиннэрбитинэн, муус устар 12 күнүгэр, Дьокуускайга Богдан Чижик уулуссатын 20 №-дээх дьиэ  кырыыһатыттан хаар түһэрэр кэмҥэ оҕо эчэйбитин туһунан суруйбуттар. «Арсенал плюс» диэн салайар хампаанньа сантехнига хаар түһэрэ сылдьыбыт.

Ити кэмҥэ оҕо дьиэтиттэн тахсан  тротуар устун хааман истэҕинэ, кини үрдүгэр хаар түспүт. Ол түмүгэр оҕо эчэйии ылан, суһаллык мэдиссиинэ киинигэр көрдөрө барбыт. Оҕо ийэтэ иһитиннэрбитинэн,  салайар хампаанньа үлэһитэ итирик туруктаах эбит. Ону таһынан хаар түһэрии туһунан туох даҕаны сэрэтэр суруга, дьиэ тулатыгар лиэнтэнэн күрүөлээбэккэ үлэни саҕалаабыттар.

Бу туһунан оҕо ийэтэ Олеся маннык иһитиннэрбит:

— Оҕом ханна даҕаны хатаастан, көҥүлэ суох сиргэ киирэн эчэйии ылбатах. Кини дьиэтин аттынан тротуар устун хааман испит. Уолум дьиэтигэр киирбитигэр, мин сүрэҕим хамсаабыта. Бэргэһэтэ, таҥаһа-саба барыта хаан этэ. Мэдиссиинэ киинигэр тиийбиппитигэр оҕом кэтэҕэр түөрт тигиини оҥорбуттара. Бастакы түүн олус ыарахан этэ, оҕом сыттыкка сытарыгар эрэй бөҕөтүн көрбүтэ. Салайар хампаанньаны кытта аҕабыт кэпсэтэ сылдьыбыта. Оҕобут эчэйбитин кэнниттэн биирдэ эрэ салайар хампаанньа дьиэ тула сэрэтэр бэлиэлэри ыйаабыта. Оҕом эчэйэр күнүгэр туох даҕаны сэрэтэр бэлиэ суоҕа.

Быһылаан кэнниттэн бүгүн, муус устар 17 күнүгэр, «Арсенал плюс» салайар хампаанньа буолбут быһыыга-майгы маннык хоруйу биэрбиттэр:

-Хаары биһиги салайар хампаанньабыт сантехнига түһэрбитэ. Быйыл олус элбэх хаар түһэн, дьиэ таһын харбыыр үлэһиттэрбит ардыгар бириэмэлэрэ тиийбэт буолан, сантехнигы бу үлэҕэ үлэлэппиппит. Сантехник үлэтигэр тахсарыгар арыгы испэтэх этэ, эбиэккэ диэри хайдах итирэ охсубутун билбэппит. Кини болҕомтото суох буолан оҕо ааһан иһэрин көрбөтөх.  Оҕо эчэйиилээх быһылаан тахсарын кытта, кини уурайар туһунан сайабылыанньаны бэйэтин баҕа өттүнэн суруйбута, — диэбиттэр.

Быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх хаар түһэн, сорох элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн аҕыйах хонуктааҕыга диэри хаары түһэрии үлэтэ ыытылла турдаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Полярнай авиалиниялар” байыаннай дьайыы наадатыгар УАЗ массыынаны биэрдилэр

“Полярнай авиалиниялар” Донбасска көмө уонна өйөбүл Хотугулуу-Илиҥҥи пуондатын  бэрэстэбиитэллэригэр УАЗ массыынаны туттардылар. “Бу хардыы хампаанньа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Саха сирин военкордарын үлэлэригэр үрдүк сыанабылы биэрдэ

Арассыыйа бэчээтин күнүгэр Айсен Николаев байыаннай кэрэспэдьиэннэри кытта көрүстэ. Саха сирин баһылыга кинилэр үлэлэрин хайҕаата,…

11 часов ago
  • Маны аах
  • Сонуннар

Суруналыыс диэн кимий?

Суруналыыс суруйар Олох араас өрүтүн, Суруналыыс саралыыр Олох араас мөкүтүн.   Кини хорсун , кырдьыксыт,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Аҕатын сылгыларын ырытан, дакылаат оҥордо

Бу сыл тохсунньу ый 10-11 күннэригэр “Инникигэ хардыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК-ҕа биһиги оскуолаттан 7 кылаас үөрэнээччитэ…

12 часов ago
  • Быһылаан

Сунтаар олохтооҕо билэр киһитин өлөрбүт

Сунтаар улууһун олохтооҕо билэр киһитин быһаҕынан биэстэ анньан өлөрөн тутулунна.  СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтэ иһитиннэрэринэн, тохсунньу…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыал арахсар түбэлтэтигэр биэнсийэлэрин баалын үллэстэригэр этии киирдэ

Арахсарга соруммут ыалга бииртэн биир мучумаан эбиллэн иһэр. Бу иннинэ судаарыстыбаннай пошлина сыаната ыараан, 5…

12 часов ago