«Хаарыан дьоннор, хаһыатчыттар…» кинигэ сүрэхтэннэ

Share

Бэс ыйын 28 күнүгэр, Саха национальнай бэчээтин күнүн көрсө “Сахамедиа” холдинг тэрээһининэн уонна үбүлээһининэн Иван Ксенофонтов-Силиги хомуйан таһаарбыт “Хаарыан дьоннор, хаһыатчыттар” диэн саха бэчээтин, суруналыыстыкатын устуоруйатын, сайдан кэлбит кэмин, инники дьылҕатын сырдатар кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр өрөспүүбүлүкэ бэчээтин эйгэтигэр үлэлээбит уонна күн бүгүн үлэлии сылдьар суруналыыстар, салайааччылар, эрэдээктэрдэр  уонна, биллэн турар, кинигэҕэ киирбит дьоруойдар муһуннулар.

Кинигэ ааптарын уонна айар кэлэктииби “Сахамедиа” холдинг генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Чокуур Гаврильев, СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдэтээлин солбуйааччы Галина Бочкарева,  СӨ норуодунай суруйааччыта  Семен Попов-Сэмэн Тумат, суруйааччылар Евдокия Иринцеева-Огдо, Олег Сидоров-Амгин, сурунылыыстыка аксакаллара Николай Крылов, Петр Попов, Василий Никифоров, суруналыыстар Алексей Матвеев,  Татьяна Жиркова, Владимир Степанов уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.

Эҕэрдэ тылы эппит дьон саҥа тахсыбыт кинигэ саха суруналыыстыкатын, национальнай бэчээт хас эмэ уонунан сыллааҕы олоҕун сиэркилэтинэн буоларын, суруналыыстыка сайдыытын эдэр көлүөнэҕэ билиһиннэрэр, ситим быстыбатыгар көлүөнэни ситимниир аналлааҕын, улуустарга араас кэмнэргэ үлэлээбит суруналыыстар умнууга хаалбакка, кинигэҕэ үйэтиллибиттэрэ улахан суолтаалааҕын уонна маннык дьоһун кинигэ салҕыыта бэчээттэниэн сөбүн бэлиэтээн эттилэр.

“Биһиги  саха бэчээтэ  саҕаланыаҕыттан күн бүгүҥҥэ диэри  устуоруйатын, сайдыытын уонна кыһалҕаларын туһунан суруйдубут. Манна өрөспүүбүлүкэ бастакы суруналыыстарын уонна бэтэрээннэрин тустарынан араас кэмҥэ суруллубут очеркалар, ыстатыйалар киллэрилиннилэр. Маннык кинигэ күн сирин көрүөхтээҕин туһунан хас эмэ сыллар устата иитиэхтээн, элбэх матырыйаал хомуллан, айар кэлэктиибим, салалтабыт өйөбүлүнэн таҕыста”, — диэн “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, 40-ча сыл бэчээт эйгэтигэр идэтийэн үлэлии сылдьар, суруналыыстыка салаатыгар В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан бириэмийэ лауерата   Иван Иванович Ксенофонтов-Силиги санаатын  үллэһиннэ.

(Анивера АКИМОВА видеоҕа устуута)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

27 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

14 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

15 часов ago