Бу ааспыт өрөбүл күннэргэ Хабаровскайга уонна Владивостокка Хабаровскай кыраай госпиталларыгар уонна санчаастарыгар эмтэнэ, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэ сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга гуманитарнай көмөнү тиэртилэр.
Таһаҕаһы #МЫВМЕСТЕ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа эрэгийиэннээҕи штаба уонна “Саха сирэ эйигинниин!” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын хомуйан, ыыттылар. Гуманитарнай таһаҕаһы хомуйар пууҥҥа бэлиэтииллэринэн, Саха сирин олохтоохторо, тэрилтэлэрэ уонна биисинэһинэн дьарыктанааччылар көмөлөстүлэр.
Саха сирин Уһук Илин ФУо бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Ким Борисов этэринэн, бу Саха сирин волонтердара быстах хомуурга ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтарга Хабаровскайга уонна Владивостокка ыытар бастакы таһаҕастара буолбатах.
“Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ Уһук Илин госпиталларыгар эмтэнэр байыастарга эргиччи көмө быыстала суох ыытыллар. Бүгүн байыаннай сулууспалаахтарга наадалаах сайаапканан хомуллан, ыытыллыбыт гуманитарнай улахан таһаҕаһы туттубут. Байыастарга көмөнү тиэрдиини УҺук Илин ФУо Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһиттэрэ уонна “Волонтеры Саха” на Дальнем Востоке” хамсааһын актыбыыстара дьаһайыахтара”, — диэтэ Ким Борисов.
Өрөспүүбүлүкэттэн быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга гуманитарнай көмөнү хомуйар-наардыыр пуун Орджоникидзе уулусса 10-с нүөмэригэр, 2-с этээскэ баар. #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи штабка күн аайы 10:00 чаастан 18:00 диэри эмп-том, бородуукта, гигиена тэрилэ уонна атын да мал-сал тутуллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…