Салгыы
Хачыалга тахсыбыт быһылаанынан суукка ирдэбил түһэрилиннэ

Хачыалга тахсыбыт быһылаанынан суукка ирдэбил түһэрилиннэ

06.11.2024, 14:55
Хаартыска: А.Сорокин (СИА)
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат борокуратуурата куорат 203 түөлбэтигэр баар оҕо былаһааккатыгар 11 саастаах оҕо эчэйиитигэр дьаһаллары ылла.

Атырдьах ыйын 25 күнүгэр кыысчаан эргийэр хачыал тимир турбатын ортотугар илиитин ууран, тарбаҕын кыбыппыта. Ол түмүгэр хаҥас илиитин иккис тарбаҕын эчэппитэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн тимир тэрил куттал суох буолуутун ирдэбиллэригэр эппиэттээбэтэ, ону сэргэ оҕо былаһааккатыгар атын да кэһиилэр бааллара быһаарыллыбыта.

Борокуратуура салайар хампаанньа салайааччытыгар көрдөрүү суругу түһэрбитэ, административнай быраабы кэһии туһунан дьыала тэриллибитэ. Оҕо интэриэһин көмүскээн,  700 тыһыынча солкуобай суумалаах төлөбүрү оҥорор туһунан  суукка ирдэбил түһэрилиннэ.

+1
7
+1
1
+1
1
+1
0
+1
3
+1
0
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: