Хачыкаат оҕолоро үөрэх дьылын олоҥхоттон дьүһүүйүүнэн түмүктээтилэр

Share

Бэҕэһээ, ыам ыйын 26 күнүгэр, Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар ураты ис хоһоонноох уонна көстүүлээх тэрээһин буолла.

Бу туһунан Өктөм олохтооҕо Тамара Никифорова маннык сырдатта:

— Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылларыгар анаммыт быйылгы үөрэх дьылын түмүгүн оскуола үөрэнээччилэрэ  Оҕо ыһыаҕынан бэлиэтээтилэр. Биир сонун сүүрээнинэн  «Дьаралыйа Дьарылыатта Бухатыыр» олоҥхоттон быһа тардан көрдөрүү буолла.

Театрализованнай көстүү туруорааччы-  режиссера — эдэр учуутал  Дайаана Касенова. Оҕолор толоруулара да, көстүүмнэрэ да — туйгун! Тэрээһин оһуохайынан түмүктэннэ. Оскуола оҕолорун ыһыаҕа уонна кинилэр Олоҥхоттон быһа тардан көрдөрбүт дьүһүйүүлэрэ  Хачыкаат олохтооҕун барытын түмтэ. 80 үөрэнээччилээх оскуолаҕа араас  омук оҕолоро үөрэнэллэр. Оскуола оҕото барыта уонна кинилэр төрөппүттэрэ сахалыы таҥнан кэлбиттэр.

Оскуола сыллааҕы түмүгүн  «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайката, РФ үөрэҕириитин туйгуна,  РФ орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Ханалас улууһун уонна Хачыкаат нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, оскуола дириэктэрэ Галина Федорова  билиһиннэрдэ. Бу күн үөрэх туйгуннара бэлиэтэннилэр.

Үҥкүү-битии битийдэ, элбэх хоһоон ааҕылынна, үтүмэн ырыа ылланна, успуорт араас көрүҥнэригэр куоталаһыы бастыҥа буолла.

Кэнсиэри, дьоро тэрээһини  оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ  солбуйааччы Юлия Киприянова, Маргарита Кирикова, Дайаана Касенова  иилээн ыыттылар.

Оҕолор бу курдук төрөөбүт култуураларын, фольклордарын өрө көтөҕөн, үөрэх дьылын түмүктээбиттэрин тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт дьон олус сонуннук уонна бэрт иһирэхтик ылынныбыт. Оҕо төрөөбүт тылынан сайа саҥарарыттан, этэриттэн-тыынарыттн күндү суох.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

17 часов ago