Хаҕыннар олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа ахсыс төгүлүн кытталлар
Бүлүүгэ Хаҕын нэһилиэгэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа ахсыс төгүлүн кыттар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсастыбаннай инфраструктура сайдарыгар нэһилиэнньэ көҕүлүүр бырайыактарын олоххо киллэрии (ППМИ) бырагырааматыгар Хаҕын нэһилиэгин дьаһалтата кыттыһан кэллэ.
Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама өрөспүүбүлүкэҕэ 2017 сылтан үлэлиир, бу кэм иһигэр үгүс нэһилиэк биллэрдик тупсубута харахха быраҕыллар, көстөр. Үгүс нэһилиэктэргэ маннык бырагырааманы туһанан араас хабааннаах үлэлэр ыытылыннылар: өрөмүөн үлэтэ, хаарбах туруктаах дьиэлэри көтүрүү, нэһилиэк иһинээҕи суоллары оҥоруу о.д.а. Бырагыраама нэһилиэк олохтоохторун олорор усулуобуйалара тупсарыгар төһүү күүс буолла.
Ааспыт сылларга бырагыраамаҕа кыттаммыт хаҕыттар 7 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ суумалаах көмө харчыны ылары ситиспиппит. Ол курдук, 2018 с. анал суолу өрөмүөннүүр тиэхиньикэ ылыллыбыта. 2019 с. култуура киинин тас бүрүөһүнүн өрөмүөннээһин. 2020-2021 сс. успуорт былаһаакка өрөмүөннэммитэ (күрүөлээһин, бетон кутуу). 2023 с. ыһыахтыыр сири тупсарыы үлэтэ ыытыллыбыта. (12 сэргэ, 2 аһаҕас балаҕан, ураһа, күрүөлээһин, киирии арка тутуллубуттара).
Билигин кэлэр сылга куонкуруска кыттаары, бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна. Ол курдук, ханнык бырайыагынан аны кыттыахха сөбүн быһаарар ыйытык ыытылла турар. Ол кэнниттэн бырайыагы талар, түмүктүүр уопсай мунньах буолуоҕа. Онно хайысхатын бигэргэтиэхтэрэ.
Олохтоох дьаһалтаҕа бу үлэлэргэ көхтөөх уопсастыбанньыктар, тэрилтэлэр уонна түөлбэлэр салайааччылара күүс-көмө буолаллар.
Нэһилиэк дьаһалтата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: