Дьокуускай куорат “Сатал” түөлбэтигэр тахсыбыт быһыы-майгы үгүс киһини долгутта. Ол курдук, бу түөлбэҕэ ордук тыа сириттэн көһөн кэлбит дьон, эдэр ыаллар дьиэ бөҕөтө туттубуттара, сорохтор номнуо атыылаан, бу сыллар тухары үгүс хамсааһын барда.
“Сатал” үрдүнэн уопсайа 12 кыбартаал баар. Түөлбэ дойду үрдүнэн саамай улахан СНТ буолар. “Сатал” түөлбэтин 9, 10, 11 уонна “Ыччат” түөлбэлэригэр 300-түү кэриҥэ уһаайбалар бааллар. Манна номнуо кырата сүүстүү ыал дьиэ туттан кыстаан олорор. Бу уһаайбалар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга анаммыт сирдэр буолан, манна дьиэ туттан олоруу сокуонун кэһии буолан, айдаан тахсыбыта. Инньэ гынан, Дьокуускай куорат дьаһалтата тутуллубут дьиэлэри көтүрүүгэ модьуйан, уһаайба атыылаһан, дьиэ-уот туттан олорор дьон уйаларыгар уу киирбитэ…
“Сатал” түөлбэтин 9, 10, 11 уонна “Ыччат” түөлбэлэригэр 300-түү кэриҥэ уһаайбалар бааллар. Манна номнуо кырата сүүстүү ыал дьиэ туттан кыстаан олорор. Бу уһаайбалар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга анаммыт сирдэр буолан, манна дьиэ туттан олоруу сокуону кэһии буолан, айдаан тахсыбыта.
Докумуона суох сирдэр
Бу дьыл алтынньы бүтүүтэ СӨ ИДьМ “Сатал” бэрэссэдээтэлигэр уһаайбалары атыылааһыҥҥа түөкүннээһинин иһин холуобунай дьыала тэрийбитэ. Силиэстийэ сабаҕалааһынынан, “Сатал” бэрэссэдээтэлэ тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сирдэри дьоҥҥо дьиэ туттарга анаан атыылаабыт уонна инникитин бу сирдэри чааһынай бас билиигэ оҥорторууга кыһалҕаны көрсүөххүт суоҕа диэн эрэннэрбит. Ол курдук, быһа холоон 900 кэриҥэ уһаайба сирэ докумуона суох атыыламмыт.
Сэтинньи 6 күнүгэр Саха сирин парламеныгар улахан мунньах буолбута. 9, 10, 11 уонна “Ыччат” түөлбэлэригэр баар сир учаастактарыгар бас билии быраабын оҥорууну дьүүллэһэр оробуочай мунньах ыытыллыбыта. Манна экэниэмикэ, инвестиционнай уонна бырамыысыланнай бэлиитикэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров уонна Дьокуускай куорат дьаһалтата уонна кыбартааллар олохтоохторо кыттыыны ылбыттара.
Ол курдук, докумуона суох атыыламмыт уһаайба хаһаайыттарыгар биир ый иһигэр туттубут дьиэлэрин көтүрэн суох оҥороллоругар модьуйуу сурук кэлбит. Ыҥырыллыбыт исписэлиистэр бу боппуруоһу быһаарарга араас этиини киллэрбиттэрэ. Мунньах түмүгүнэн, тустаах уорганнарга дьиэни бас билээччилэр бырааптарын көмүскүүр сорудахтар бэриллибиттэрэ.
Тустаах дьоҥҥо ыарахан…
Олохтоохтор иһитиннэрбиттэринэн, 2016 сыллаахха 9-с кыбартаал олохтоохторугар (ИЖС) чааһынай дьиэни туттары көҥүллээбиттэр. Онтон икки сыл буолан баран, тимир суол кэлэринэн, төттөрү тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллыахтаах диэн оҥорбуттар. Ити уларыталларыгар, эһиил хас биирдии киһини кытта дуогабар түһэрсиэхпит диэн эрэннэрбиттэр. Онон “Саталы” кытта түһэрсиллибит дуогабар көтүрүллүбүт. Дьон докумуон оҥоһулларын күүтэн олорбут. Бу докумуон генеральнай былаан уларыйдаҕына эрэ оҥоһуллуохтаах эбит. Тимир суол ханан барара чопчу биллибэт буолан докумуон оҥоһуллуута уһаан испит. Онтон быйыл этиҥ сааллыбытыныы, туттубут дьиэлэргитин көтүрүҥ, сирдэри босхолооҥ диэн куорат дьаһал тахсан дьону аймаабыт. Бу туһунан олохтоох Анна Павлова (аата уларытылынна) санаатын үллэһиннэ:
– Мин саныахпар, бу боппуруос 2018 сылга туруохтаах этэ. Ким дьиэлээх докумуонун оҥорторорун курдук, оттон туттубатах дьон салгыы тутталларын бобор гына тоҕо дьаһайбатахтара буолла. Бу сыллар тухары дьиэ бөҕө тутулунна, дьон хаһыс да сылын кыстыыр. Хомойуох иһин, куораппыт дьаһалтата генеральнай былаан уларыйдаҕына докумуоннаныаххыт диэн дьону эрэннэрэ олорбута.
Сир-халлаан икки ардыгар
РФ Куораты тутуу уонна Сир кодексаларынан, тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сирдэргэ хапытаалынай тутууну ыытыы көҥүллэммэт. Онон сибээстээн куорат дьаһалтата бу сыыһалары туоратарга ылсыбыта уонна силиэстийэ уонна суут дьайыыларын кэмигэр сири атыылаһартан уонна атыылыыртан туттунарга ыҥырбыта. Оттон номнуо дьиэ-уот туттан, гаас, уот ситимин киллэрэн ньир-бааччы олорор дьон сир-халлаан икки ардыгар хаалар кутталламмыттара. Билигин бу дьыаланы куорат дьаһалтата хонтуруолга тутан олорор. Тустаах дьоҥҥо ыарахан. Хаһан барыта быһаарыллан, уһаайба, дьиэ докумуона оҥоһуллан дьон өрө тыыныай?
САНААЛАР
Ирина Иванова (аата уларытылынна), “Сатал” түөлбэ олохтооҕо:
– Биһиги 9-c кыбартаалга олоробут. Элбэх оҕолоох ыал буолабыт. Биир дьиэлээхпит. Кыбартааллар ахсын быһа холоон 300 кэриҥэ уһаайба баар. Ол эрээри сорох дьон ситэ туттан киирэ илик. Биһиги дьиэбитигэр этэҥҥэ кыстаан туораабыппыт. Кыбартаалбытыгар гаас ситимэ баар. Дьон бэйэлэрэ харчы төлөөн, “Сатал” табаарыстыба көмөтүнэн киллэртэрбиттэрэ. Уот ситимэ эмиэ киирэн турар. 100-тэн тахса ыал туттан олорор. Онон кыһалҕабыт этэҥҥэ быһаарыллан, туттубут дьиэлэрбит оннуларыгар туран салгыы олорбуппут курдук олоруохпутун баҕарабыт.
Петр Петров, “Сатал” түөлбэ олохтооҕо (аата уларытылынна):
– “Сатал” түөлбэ табаарыстыбата тэриллэн, дьон тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сири арыандалаан уотун, гааһын, суолун барытын бэйэтэ оҥостор. Быһата, бүддьүөккэ хоромньута суох тэрээһин. Биһиги кыбартаалбытыгар сүүһү кыайбат ыал олорор. Биһиги дьиэбитин саҥа тутта сылдьабыт. Кыстыкка киирии саҕана дьону аймаан, дьиэҕитин көтүрүҥ дииллэрэ киһи өйүгэр баппат. Өрөспүүбүлүкэбит дьаһалтата кыһалҕабытын кытта соҕотохтуу хаалларбат ини диэн эрэллээхпит.
МАННА ДАҔАТАН ЭТТЭХХЭ
“Сатал” саахала
Былырыын Саҥа дьыл үүммүт түүнүгэр “Сатал” түөлбэҕэ улахан саахал тахсан томороон тымныыга уота уонна сылааһа суох хаалан 50-ча дьиэ эмсэҕэлээбитэ… Саахал сүрүн төрүөтэ – “Сатал” подстанциятын кабелэ алдьаныыта. Олохтоохтор тоҕус чаас устата уот, гаас ситимэ суох олорбуттара.
Онно биллибитинэн, Дьокуускай дьаһалтата түөлбэ олохтоохторо уот ситимигэр элбэх иэстээхтэрин ыйбыта. Дьон уһаайбатын сатаан бас билиигэ оҥорторбокко, уоттарын кыайан төлөөбөккө олорбуттар.
Ааптар уонна А.Степанов хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…