«Хаһыат уонна мусуойдар: үйэлээх ситим» өрөспүүбүлүкэ мусуойдарын үлэһиттэрин түмтэ

Share

Кулун  тутар 20 күнүгэр  «Саха сирэ» хаһыат уонна Ем. Ярославскай аатынан мусуой  тэрийиилэринэн «Хаһыат уонна мусуойдар: үйэлээх ситим» диэн төгүрүк остуол ыытылынна.

“Төгүрүк остуолу” “Сахамедиа” генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Чокуур Гаврильев иилээн-саҕалаан ыытта. Эҕэрдэ тылы СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, СӨ Предпринимательство, эргиэн уонна туризм  министиирэ Тимур Ханды,  “Сахамедиа”  генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов, “Саха сирэ” хаһыат эрэдээктэрэ Александр Тарасов уо.д.а. эттилэр.

“Саха сирэ” хаһыат    икки сылтан бэттэх өрөспүүбүлүкэ мусуойдарын кытары үлэни тэрийдэ. Хаһыат таһаарааччы эрэдээктэрэ  Сардаана Баснаева “Сэдэх маллар” диэн  ыыппыт тэрээһинэ улахан сэҥээриини ылан, өссө күүскэ сайдан  бүгүҥҥү тэрээһин  салҕыытын курдук буолла. Мусуойдарга экспонаттар хайдах хараллан сыталларын туһунан киэҥ эйгэҕэ: “Саха сирэ” хаһыат балаһаларыгар, социальнай ситимнэргэ элбэхтик  кэпсэммитэ.

“Төгүрүк остуолга” уонна “Сэдэх экспонаттар” быыстапкаҕа Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Ньурба, Чурапчы, Кэбээйи, Горнай, Амма, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Таатта, Томпо, Уус Маайа улуустарыттан кэлэн кытталлара бырайыак киэҥ хабааннааҕын туоһулаата.

Виктор Джамаханович бырайыактар ааптардара Сардаана Баснаеваҕа “Сахамедиа” Махтал суругун туттарда.  Виктор Колесов  бырайыактарга  20 мусуой кыттыбытын, хомойуох иһин, дьикти экспонаттары өрөспүүбүлүкэ дьоно бары көрөр кыаҕа суоҕун, ол оннугар бу бырайыак көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ сэдэх экспонаттара биир сиргэ түмүллүбүттэрин көрөр улахан кыах бэриллибитин  бэлиэтээтэ. Онон бу бырайыак табыгастааҕын ааһан, элбэх иһитиннэриини биэрэр, туристары тардар кыахтаах, маастардары маастардар үйэлээх маллары айалларыгар көҕүлүүр

Бүгүн күнүс 3 чаастан Ем. Ярославскай аатынан мусуойга “Сэдэх экспонаттар” быыстапка үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыаҕа.

Мусуой быыстапкаҕа саалатын сэбиэдиссэйэ Марианна Стручкова:

“Олус элбэх үлэ түмүгүнэн бүгүн быыстапкабыт аһыллыаҕа. Быыстапкаҕа 23 мусуой кыттар, 133 мал турда. Хас биирдиигит онно биир киһи курдук ылсан, биир санааҕа кэлэн, экспонаттаргытын тиэйэн аҕалан туруорбуккутугар махтанабыт. Саамай бастакынан Аллараа Халыма мусуойа ыыппыта, олунньу ортотугар экспонаттарын  аҕалан туттарбыттара. Хас биирдии мусуой улахан кээмэйдээх малларын аҕалар кыаҕа суох,  ол гынан баран, видеоҕа уһулан ыыппыттарынан, быыстапкаҕа онлайн кыттар  кыахтаммыттара кэрэхсэбиллээх”, — диэн тэрийээччилэргэ махтанна.

Икки түһүмэҕинэн ыытыллыбыт “төгүрүк остуолга”  улуустар мусуойдарын бэрэстэбиитэллэрэ көҥүллүк санааларын эттилэр, уопуттарын атастастылар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago